ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бырах

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы уходить; бросать

English to leave, to quit

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы уходить; бросать

English to leave, to quit

  • кэргэнин бырахпыт
    он ушёл от женыhe left his wife
  • табаххын бырах
    бросить куритьto quit smoking

2 даҕааһын #

Нууччалыы дикий

English feral, wild

  • бырах таба
    дикий оленьa wild deer

3 туохтуур #

Илиини күүскэ хамсатан (садьыйан) тутан турар эттиккин элит, илк

Нууччалыы Бросать, кидать, метать

  • “Мэ, бу иһиккин харай”, - диэтэ Хара Бытык быдараахпын быраҕан биэрэ-биэрэ.
    Н. Неустроев
  • Олорор дьон икки ардыларынан атаҕын тумсун батары биэрэн, өрө ыстанан, күүлүн үөһэ, үһүс долбуурга бырахта.
    Амма Аччыгыйа
  • Деомид Бакланов уҥуохтара босхо барбыта, бэлэмнии тутан сытар бэстилиэтин сиргэ бырахпыта
    Н. Якутскай

4 туохтуур #

Тугунан эмэ дьарыктанаргын тохтот, уурат

Нууччалыы Прекратить занятия чем-л

  • Ол Ньуукка үөрэҕин быраҕан, тыаҕа тоҕо тахсыбыта буолла?
    С. Ефремов
  • Оҕонньорбун, үлэбин да бырахпытым ээ диэн, хата, үөрэрим. Софр. Данилов. Сороҕор биһиги эрэнэр тустууктарбыт дьарыктарын наһаа эрдэ быраҕаллар. “
    Кыым
  • иир мииннээх хочолуокка Бырах Буулдьа түһэрин, Эр сахалар кыргыска Холкуларыгар түһэллэрин.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Бырах буулдьаҕа таптаран, Кеша госпитальга киирэргэ күһэллэр. “Кыым”. Тюрк. брак, бырак

5 туохтуур #

Кими-тугу эмэ ханна эмэ хааллар

Нууччалыы Покинуть, оставлять кого-что-л. где-л

  • "Миигин бырах. Бэйэҥ бар. Саатар эн тыыннаах орт", - диэбитэ кини доҕоругар.
    Суорун Омоллоон
  • Бачча бултаан баран быраҕарым кыһыылаах, тахсан арааран түһэрэргэ тиийдим.
    Т. Сметанин
  • Үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн. Халыҥ аньыыбын бырастыы гын. Тыыннаахпар аны эйигин соҕотохтуу быраҕыам эрэ суоҕа
    Н. Лугинов

6 туохтуур #

Кими-тугу эмэ ханна эмэ тугунан эмэ тиэйэн, тиэрдэн биэр

Нууччалыы Довезти, доставить кого-что-л

  • "Оччоҕо, оперативнай группаны “АН-2” сөмөлүөтүнэн Н-скай аэродромҥа быраҕыахха!" - диир подполковник Привалов
    Н. Якутскай

7 даҕааһын #

суолт. Мээнэ барбыт (хол., мэник буулдьа туһунан); үөрүттэн быстан мээнэ барбыт (хол., таба туһунан)

Нууччалыы Оторвавшийся и ушедший далеко от стада (напр., об олене); случайный (напр., о шальной пуле)

8 этии #

Этиилэр

Күөгү бырах көр күөгү

  • Атыыһыт бу кэлэн, Көлдьүн өйүнэн эргитэн, Күөгү быраҕа олорор.
    С. Васильев

Мутугунан быраҕар муҥур үйэ көр мутук

  • Мутугунан быраҕар Муҥур кылгас үйэҕэ Күнү-дьылы барыаҕыҥ Киэҥ кэскиллээх үлэҕэ.
    Баал Хабырыыс

Өрө бырах көр өрө

  • Мин Дайбыырап ыскылаатыттан үчүгэй, сыаналаах табаардары куоракка киллэрэн сыанатын өрө быраҕан атыылыырым.

Умса бырах, иттэннэри бырах көр умса

  • Умса бырах, иттэннэри бырах - үүт-үкчү кини курдуга.
    Н. Босиков

Ууга тааһы бырахпыт курдук көр уу

  • Ууга тааһы бырахпыт курдук сураҕа суох сүппүтэ.
    И. Федосеев
  • Мэхээс болуотун үөккэ баайбыта, сэрэнэн үөһэ Ваняҕа тахсыбыта, көһүйбүт оҕо ууга тааһы бырахпыт курдук барар кыахтааҕа.
    ХС

Хаайыыга бырах көр хаайыы

  • Дьэ, ол иһин өстөөхтөрүн, Турция соллоҥ баайдара, Назым Хикмет Сырдык тыыҥҥын өһөрөөрү Хаайыыга бырахпыттара. Эллэй. Ыраахтааҕы былааһа куруһуогу арыйан баран, кини кыттыылаахтарын хаайыыга бырахпыт.
    П. Филиппов

Харахха быраҕыллар көр харах

  • Мин айымньыларым мантан сүүйтэриэхтэрэ суоҕа. Хата, баҕар, үчүгэйдэрэ ордук харахха быраҕыллыа.
    ХС

Хараххын быраҕан ыл көр харах

  • Полина Сидоровна туох эрэ саҥа дуорайбытыгар ыҥыраллар дуу диэн чөрбөйдө, көрүдүөр, палаталар диэки хараҕын быраҕан ылла. “ХС”

9 этии #

Нууччалыы Отбиться; одичать (о домашних животных)

Этиилэр

Биллэҕэ бырах көр биллэҕэ

  • Дэлиһиэй кинээс хара кыл дөйбүүрүн таҥнары туппут, кирдээх хомуһуол сонун санныгар биллэҕэ бырахпыт, көөһөкүс гына көтөн түстэ.
    Эрилик Эристиин
  • Онно өйдөөбүтүм: Иван, миигин көхсүгэр биллэҕэ быраҕан баран, сүһүөҕүн былдьаһан байааттаҥныы иһэр эбит.
    Н. Кондаков
Өссө холобурдар (2)
  • Бырах бар - туохтан, хантан эмэ быстан, арахсан мээнэ бар, сүтэн хаал Киэҥ халлааҥҥа “угуттуур” Мородулары булаары, Бырах барбыт тугуттуу Күн күлүмэр мунуоҕум.
    С. Данилов
  • Муҥнаах кыыс сэрэйэрэ Уол бырах барарын, “Санаар!” - диэн эймэнэрэ, Этэрэ кэриэһин. Таллан Бүрэ. Атаах кыысчаан өһүргэнэн, Бырах бараат, сүтэн хаалбыт, Омоҕой баай мөҥөн, үөҕэн Эллэйи үүрэн ыыппыт.
    И. Гоголев

Иилэ бырах көр иил

  • Тэһиинин ыҥыыр хоҥсуоччутугар иилэ быраҕаат, атын холго сырбатта.
    Амма Аччыгыйа
  • Тиит мутугар саһыл оҕолоох корзинкабын иилэ быраҕан баран, эмиэ бокуойа суох саам диэки тэбинэ турдум.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Таба көҥүл сылдьар, маамыктанан хаһан баҕарар иилэ быраҕан ылаҕын.
    Н. Габышев

Көнчүө бырах көр көнчүө

  • Таҥара икки атахтаахха Өрүһүлтэтэ суох Үрүт - үрдүгэр Үйэ аайы үөскүү тур, Үтүөҕүн көрүллүө диэн, Түстээн көнчүө бырахта.
    Өксөкүлээх Өлөксөй

Тылын тыалга бырахпат көр тыл

  • Бэтэрээн хомуньуус Еремей Прокопьевич салайар звенота тылын тыалга бырахпата. “Кыым”. Хоһуун үлэһит кыыс тылын тыалга бырахпат.
    ЭК

Тылла бырах көр тыл

  • "Киһи кыайбатаҕа диэн суох, кыайыллыа!" - Софья Петрова тыл бырахта.
    М. Доҕордуурап
  • Биһиги кэпсэтэ олордохпутуна, Николаев кэлэн тыл быраҕа, эргийэ-урбайа сатаата.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • "Ноо, ол туһунан ити уол биһиэхэ тугу да этэ илик этэ ээ", - соһуйан хаалбыт Лааһар быһаарыыта суох тыл бырахта. И. Оконешников

«Б» буукуба