ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аттан

туохтуур

Нууччалыы уходить

English to leave

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы уходить

English to leave (on the road, via horse)

  • бүгүн аттаннылар
    они уехали сегодняthey left today
I

2 #

аттаа I диэнтэн атын. туһ. Бу соноҕоһуҥ аттана илик эбит. И. Гоголев

II

3 туохтуур #

Атта булун, хаһаайыстыбаҕар ат сүөһүтэ тэрин

Нууччалыы Приобрести лошадь, обзавестись лошадью для хозяйства

  • Дьөгүөр быйыл сымнаҕас майгылаах аттанна

4 туохтуур #

Атта миин, ат үөһэ олор

Нууччалыы Сесть верхом на лошадь

  • Доҕоро Наһаар, уола сүппүтүн оройуоҥҥа тыллыыр аатыран, хаһан да сааламмат бэйэтэ эмиэ сааланан, аттанан, бу сарсыарда эрдэ барбыта.
    Суорун Омоллоон
  • Ханнык дьүһүннээх аты аттанан кэлбиккиний?
    Саха фольк
  • Бу айылаах дойдуга Аттанан кэлбит атым
    С. Зверев

5 туохтуур #

Айаҥҥа тур, бар

Нууччалыы Отправляться в дальнюю дорогу, уезжать куда-л

  • Хата сарсыарда эрдэ туран кэлиэм, таҥараттан көрдөһөн, мантан аттаныахпыт.
    А. Софронов
  • “Сарсыарда эрдэ аттаныахпыт, хата малгын хомунан, чөкөтөн кэбис”, - диэбитэ Дьөгүөрсэ кэргэнигэр
    Н. Якутскай

6 этии #

Нууччалыы Левая сторона дороги, по которой едет человек верхом на коне

  • Аттаныаҕым да аһыйбат түөлбэ. көр кытыым да кыһыйбат. Аттаныах өттө - атынан айаннаан иһэр сир хаҥас өттө Хочоҕо киирдэххинэ, суолуҥ икки аҥыы хайдыһыа, ону аттаныах өттүгүн тутуһаар. Ол дойдуга аттан - өл. Θ Отправляться на тот свет, умирать. Тугун дьиибэтэй, доҕоор. Эмээхсиним кэнниттэн ол дойдуга аттанаары гыннаҕым дуу? Кини таҥаралыаҕыттан бэттэх уйан буолан хааллым.
    И. Гоголев
  • Эн эһэҥ отут саастааҕар, Ойоҕостотон үс хонукка Өйө-төйө суох сыппыта, Онтон төрдүс түүнүгэр “Ол дойдуга” аттаммыта - Ол сахха эмчит-томчут суоҕа. “ХС”

«А» буукуба