ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аттакы

аат тыл

Нууччалыы скопец.

1 аат тыл #

, эргэр. Аттаммыт, оҕолонор кыаҕа суох буолбут киһи (18-с үйэ 70-с сылларыгар православнай таҥара дьиэтин итэҕэйээччилэр истэригэр үөскээбит бөлөх. Сокуон аттааһыны боборо, аттакылары Саха сиригэр сыылкаҕа ыытара)

Нууччалыы Скопец. Бурдук тардар дьиҥнээх таас суорунаны Чолбон Ньукулай Марха аттакыларыгар көрөн тахсан, Соҕуолаах ууска оҥорторбута. Күннүк Уурастыырап. Липа, аттакылар тустарынан киһи дьиктиргиэҕин бэрт элбэҕи истибит буолан, күлбүтэ. П. Филиппов

2 этии #

Аттакы дэриэбинэтэ эргэр. - аттакы дьон олорор дэриэбинэлэрэ Болот Боотур. Мантан алта-сэттэ биэрэстэ кэриҥэ сири барбытыҥ кэннэ Марха диэн аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ кэлиэҕэ. Н. Якутскай

Нууччалыы Скопческая деревня (куда высылались члены изуверской скопческой секты). - Оччоҕо Балысылаап диэн судаарыскай табаарыстаахпын, онно үөрэттэриэххэ сөп Ньургуну. - Аттакылар дэриэбинэлэригэр олорор судаарыскайы этэҕин дуо?

«А» буукуба