Перевод с якутского
миин
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы садиться верхом
English soup, broth
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Көлө үрдүгэр тахсан атахтаргынан кыбыйан сүктэрэ олор (хол., акка, оҕуска)
Нууччалыы Садиться верхом (напр., на лошадь, на быка)
Атын мииннэ. Мачайар Баһылай биэс мөһөөххө барбатах бадьара дьоруо атын миинэн алааһы хайа хаамтаран тахсар. Саха фольк Тот аты тутаат, миинэн айаҥҥа илдьэ бардахха, ат ол күнүнэн сыата ууллан, этэ-хаана харааччы буһан хаалыахтаах. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (5)
Тороев бадарааҥҥа батыччахтаан, хара эбириэн буолбут атын, быһыта кымньыылаан, дьөлүтэ тиҥилэхтээн, мииммитинэн өрүскэ киллэрдэ Л. Попов Айанныыр тэрилгэ олор, тур (хол., хайыһарга, тыыга уо. д. а.). Θ Становиться на что-л., садиться куда-л. с целью продвижения (на лыжи, в лодку и т. д.). Күөл диэки эргийэн көрбүтүм: били оҕонньорум тыыннааҕар миинэр тыытын түгэҕэ эрэ маҥхайан сытар. Н. Неустроев Илим көрө Бүөтүр тыытын миинэр. Эрдии салбаҕа килбэҥниир саһарҕаҕа. И. Гоголев Разведчик сотору тумулу эргийэ сүүрдэ. Мааҕын көрбүт хайыһарын булан мииннэ да, үрэх сиһигэр өрө анньынан таҕыста. М. Доҕордуурап Дьүкээбил [киһи аата] миинэн иһэр болуота хамсаабат буола хам тоҥон хаалар Н. Якутскай
2 туохтуур #
Ыарык-баттык буолан эрэйдээ (хол., санаа-оноо, кыһалҕа)
Нууччалыы Ложиться тяжёлым бременем на кого-л
Сордоох кураан дьыллар кэлэн умса миинэн эрэллэр. М. Доҕордуурап Киил оҕонньору эмиэ санаа бөҕө таҥнары мииниэ.
Н. ЛугиновОҕонньордоох эмээхсин барахсаттар, уһун кэм устата сэрии миинэн, олус дьадаҥытык олороллоро И. Сосин
3 туохтуур #
Баттаан-үктээн олор, көлөһүннээ
Нууччалыы Эксплуатировать, присваивать чужой труд. [Былтаҕар Былатыан:] Миигиттэн үс оҕо төрөөн өллө
Сааһым тухары үс ынахтан ордук баайдана иликпин. Ол барыта миигин баай быһа мииммититтэн оннук.
КүндэСэмэн эмиэ доруобай киһи этэ. Атыттар эмиэ оннуктара. Олору барыларын батталлаах баай кылааһа умсары миинэн олорор. Бэс Дьарааһын. Истэрим мин аҕам ынырык сэһэнин - Баай хайдах кинини үлэҕэ мииммитин. И. Артамонов Ср. др. -тюрк. бин ‘садиться верхом’, мин ‘подниматься, выходить, садиться верхом’
4 аат тыл #
Эт, балык (амтана барар курдук) буһар уутун араас тумалаан бэлэмнэммит убаҕас аһылык
Нууччалыы Суп, бульон, уха
Собо миинэ. Хаппыысталаах миин. Оҕонньор итии миини иһэн бурдьугунатара иһиллэр. М. Доҕордуурап Охоноон эмис собо сытынан бургучуйар чугуунун остуолга уурда, кыһыл көмүс эбирдэринэн кылбачыйар мииҥҥэ, үүт кутан, ытыйбахтаата Л. Попов
5 этии #
Нууччалыы Смотреть бессмысленными, мутными, затуманенными глазами
Этиилэр
Барбатах балык миинин курдук көр балык
Барбатах балык миинин курдук барык дойдуга - Олоҥхо, өлүү сиригэр Охоноос баарын курдуга. Эллэй.
Ис миинэ киһи көр ис IV
Бары өттүнэн дьоҥҥо сөбүлэтэр дьиҥнээх ис миинэ киһи этэ. "ХС". Миинин (минин) тартарбат - иҥин да таттарбат диэн курдук (көр иҥ II). Сээдьэҥкэ санаатыгар миинин да тартарбакка, Силип босхоломмут үөрүүтүттэн көтүөр кыната эрэ суохтук сананан, дьиэлиир суолунан хааман суксуйбутунан барбыта. Күннүк Уурастыырап. "Отчуоттуур кэм хаһан эмэ кэлиэхтээх эбээт", - диэн кэбистэ Аким Романович миинин тартарбакка. Н. Заболоцкай. Үйэ уларыйда. Киһи эмиэ. Ону сорохтор билэ иликтэр, билбиттэрин да иһин, мииннэрин да тартарбаттар. А. Сыромятникова. Миин курдугунан көр - иччитэ суоҕунан мээнэнэн көр Минньигэһиргээн испит били суоппарбыт Миин курдугунан мэндээриччи көрө-көрө, Тимир көлөтүгэр тиийэн кэллэ! Р. Баҕатаайыскай. Тэҥн. мэндээриччи көр (көр көр I). Миинэ барар - син эмис эт буолан миинэ амтаннаах.
Довольно жирный (о мясе).
Син миинэ барыыһы. ХС Утар. миинэ барбат. Миинэ барбат - олус көтөх эт буолан миинэ олох амтана суох. Постный, нежирный (о мясе). Миинэ олох барбат, көтөҕө бэрт эт. Утар. миинэ барар. Ср. др. -тюрк. мүн ‘похлебка, суп’, чулым. мүн ‘уха’, алт. мүн ‘суп’