Перевод с якутского
мин
солбуйар аат, аат тыл
Нууччалыы я
English I
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
с. солб. аат
МНН. Сарсын эн дойдулуоҥ, сарсын мин өрөгөй тардыһа, аат-сурах былдьаһа барыам.
П. ОйуунускайМин халҕан быыһынан иһиллээн турбутум Эрилик Эристиин
2 аат тыл #
Этээччи киһи тус бэйэтин бэлиэтиир тыла
Нууччалыы Я (личное мест.). [Манчаары:] Дьэ, ийээ, мин Бөкө диэн сир тыатын быһа түһэн истэхпинэ, тыаҕа икки киһи биир биэни өлөрөн астыы тураллар эбит
3 аат тыл #
Тардыы форматыгар туттуллар ааттар этэр киһи киэнэ буолалларын бэлиэтиир
Нууччалыы Мой, моя, мое (в сочет. с притяж. ф. имен)
Мин аҕам, төһө да кыыһырдар, өс киирбэх этэ. Н. Неустроев Мин оҕом быйыл уон тоҕуһа. Эрилик Эристиин Дьэ, онон, бэҕэһээ мин олоҕум быһаарыллан бүппүт М. Доҕордуурап
4 этии #
Нууччалыы соотв. И на нашей улице будет праздник. Мин диэтэх киһи - киһиттэн эрэ уһулуччу, бэрт киһи мин баарбын (бэрдимсийэн, ардыгар оонньоон этэргэ). Обычно о человеке, который всерьез или в шутку выпячивает свое превосходство - Я вам не чета. Мин диэтэх киһи эн эрэйдээх курдук буолуом дуо? Киэҥ аймахтаах, кэтит уруулаах киһибин -- үөмэн тиийбэт үтүө ааппын үөһэ, аллара биистэрэ дьэ ааттаан кэллилэр эбээт, бадаҕа. Ньургун Боотур. Миннэрин билсибит дьон үгэрг. - бэйэ-бэйэлэрин бэркэ билсиһэр, өр кэмҥэ алтыспыт дьон. Знать как облупленного (друг друга). Проня биһикки өр сыл табаарыстыы этибит, бииргэ үөскээбит дьон буоллахпыт, миммитин билсибит дьоммут. С. Ефремов. Мин оҕом саары чаккылаах - "бэйэ гиэнэ бэйэҕэ чугас" диэн суолтаҕа туттуллар. соотв. Своя рубаха ближе к телу. Били "мин оҕом саары чаккылаах" диэбиккэ дылы, Байанай соҕуруу сылдьан, ол дойду кыырай халлааҥҥа дьулуспут үөскэлэҥ, баараҕай хатыҥнарын көрө-көрө, саныыр: "Биһиги хатыҥнарбыт ордук кэрэлэр, ордук нарыннар... " Софр. Данилов. Мин соххор, эн соххор – эн соххор, мин соххор диэн курдук (көр соххор). Др. -тюрк. бен, мен, мин, тат. мин, уйг. мэн, кум. мен
Этиилэр
Мин аҕай буол (дэн) көр аҕай II
Олус өрө ыстаммакка, мин аҕай буолбакка, сытыарытык сылдьар да киһи айаҕын ииттиэ эбитэ буолуо ээ?! Л. Попов Ону тоҕо эмиэ мин аҕай буолан, сыҥалана сылдьыахпыный. С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
Кини кытаанах, ханнык баҕарар "мин аҕай!" дэммити булгурутар. А. Сыромятникова Мин да ытыспар тураах сыптарыйыа - биһиэхэҕэ да үтүө кэмнэр кэлиэхтэрэ диэн суолтаҕа туттуллар