ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күөгү

аат тыл

Нууччалыы удочка.

English fishing pole, fishing rod

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Балыктыыр тэрил: уһун ураҕас уһугар баайыллыбыт күрүчүөктээх быа

Нууччалыы Удочка. Күөгүбүн өрө тартым - биир собо иҥнибит. Мойот ханнык эрэ көрдөөх ырыаны ыллаата. Күөгүтүгэр балык мааҕын үйэҕэ хаппытын кэнники өйдөөтө. Т. Сметанин

2 аат тыл #

Токуруйбут сытыы уһуктаах төбөлөөх, хайыылаах, балыгы хаптарар синньигэс тимир оҥоһук

Нууччалыы Крючок (для ловли рыбы)

  • Сиэппэр хааламмыт отоммуттан ылан күөгүбүн соппутум, күөгүм кып-кыһыл буолан хаалла.
    Т. Сметанин
  • Дьарҕаа, тиистээх балыктарга анаан тус-туһунан күөгүлэри бэйэтэ оҥостор
    Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

Кэчигирэччи тиһиллибит лыҥкынас тыастаах туруупкалыы быһыылаах киэргэл (үксүгэр үрүҥ көмүстэн эбэтэр алтантан дьахтар таҥаһын, тирии иһити, дүҥүрү киэргэтэргэ оҥоһуллар)

Нууччалыы Серебряные или медные погремушки в виде трубочек (обычно украшающие женскую одежду, кожаную посуду, бубен). [Дьөһөгөй айыы] Күөгүлээх көмүстээх Көҕүөр иһиттээх

  • Тоҥ Суорун. Былыр күөгүнү алтантан кутан оҥороллоро. ҮАИ СБМИ. [Былыргы дьахтар таҥаһын симэҕэ, оһуора] күөгү, чопчу кымырдаҕас, тордуйа, тыҥырах диэн көмүс ойуулаах буолара. БСИ ЛНКИСО. П. -монг. гөгэги, гүгэги 'удочка'

4 этии #

Нууччалыы Закидывать удочку

Этиилэр

Күөгү бырах

- тугу эмэ оҥороору эрдэттэн сэрэнэн билэ-көрө сатаа "Кимтэн тутулуктааҕый?" - Ыларов, өйдөөтөр да, эр киһилии күөгү бырахпыта.

  • Р. Баҕатаайыскай

5 этии #

Көҥдөй күөгү - алтантан эбэтэр тимиртэн тардан оҥоһуллубут, холлоҕоско олордуллар туспа анал атахтаах, көҥүл сүүрэлиир, лыҥкынас тыастаах, туруупкалыы быһыылаах ойуун дүҥүрүн тэрилэ Көҥдөй күөгү биир дүҥүргэ түөрт буолар. ҮАИ СБМИ

Нууччалыы Медные или металлические погремушки в виде трубочек, свободно передвигающиеся по желобу вдоль бубна шамана

«К» буукуба