Перевод с якутского
умса
Нууччалыы лицом вниз, ничком (напр
Ис хоһооно · 4
1 #
сыһ
Дьиэ ааныгар чугаһаан иһэммин, мастан иҥнэн умса баран түстүм. Н. Заболоцкай Ипатий муоһатын мүччү харбаата, сирэйинэн буорга умса хоруйа түстэ М. Доҕордуурап
2 #
Сирэйгинэн аллара диэки (хол., түс, сыт, бар)
Нууччалыы Лицом вниз, ничком (напр., лежать, упасть). [Серёжа] күөх оттоох кырыска умса түһэн сытан, сэниэтэ эстиэр диэри ытаан-ытаан баран, устунан утуйан хаалбыт этэ
3 #
Аллара, сир диэки хайысхалаахтык (хол., көр, туттан олор)
Нууччалыы По направлению к низу, к земле (напр., смотреть, сидеть, стоять наклонившись)
Дьон сирэй-сирэйдэрин көрсүһэн бараннар, умса көрөн кэбистилэр. Амма Аччыгыйа Маппый киэпкэтин умса уурунна. А. Фёдоров Кыыс итиниэхэ хап-сабар эппиэттээбэтэ, саарбаҕалаан умса тутунна Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
Аһаҕас өттүнэн саба, түҥнэһиннэри уур (хол., иһити). Θ Опрокинув вверх дном (напр., посуду). Икки дьааһык умса ууруллубуттар. Н. Габышев Кини дьиэ туттуохха айылаах хатырык хастаан сиргэ умса уурталаабыта. М. Доҕордуурап Ааныс тумуска быыкаа тыы умса ууруллан субу ууга бараары сытарын көрдө Н. Заболоцкай
4 этии #
Умса ас кэпс. – кими эмэ күүскүнэн алдьархайга, эрэйгэ-муҥҥа ас А. Софронов. Ол эрээри, төрөппүт аҕам кыһарыйан умса анньан биэрбэтэҕэ буоллар, мин да үтүө олоҕу булуом этэ. Н. Неустроев. Дьэ онон, Онтоон, соҕотох оҕоҕун кыайан иитимнэ холкуос хотонугар умса анньаҕын дуо? Дьэ, тимир сүрэхтээх аҕаҕын. М. Доҕордуурап.
Нууччалыы Толкать насильно кого-л. на неприятности, страдания, мучения. [Кэтириис:] Соҕотоҕун маннык сорго сирэйбинэн умса анньыллыбыт уһун сордоох буоллаҕым
Этиилэр
Умса көрдөр (баттаа, тэбис)
кими эмэ баһыйан бас бэриннэр, утарыласпат оҥор.
Сломить кого-л., подавить, подчинить своей воле.
[Охоноон:] Саҥардыы харахпытын өрө көрөн иһэн, эмиэ хараҥа батталга умса тэпсиллиэх муҥтут дуо? Софр. Данилов. Ити дьүһүннээх оҕонньорго аҕаҥ умса баттаан биэрэн эрдэҕинэ, биир тылы мин диэки көмөлөһө саҥарбатыҥ. Эрилик Эристиин Ол биир чолойбут уолу умса көрдөрөр улахана суох буолуо суоҕа дуо? Болот Боотур
Умса миин
кими эмэ харыстаабакка, аһыммакка көлөһүннээ.
Нещадно, безжалостно эксплуатировать кого-л.
"Айымньы" холкуоска холбостор эрэ үлэнэн умса мииниэхтэрэ. М. Доҕордуурап Массыына суох буолан, атахтаах сылгыны былдьаһа сылдьан умса миинэн ырыаран кэбиһэллэрэ. ХС
Өссө холобурдар (8)
Ньүдьү-балай ыраахтааҕы былааһа ыччаты сиртэн сэрбэйэ илигиттэн умса миинэр. ХС Умса сытый кэпс., үөхс. – өл. Подыхать, издыхать, околевать. Ээ, бүрүстүүпүнньүктэр бары да умса сытыйаллара буоллар син буолуох этэ.
П. ОйуунускайБөтөстөрбүнэн сэймэктэтиэм диэн куттаабытыҥ… умса сытый! Пьесалар-1960. Умса (умса-төннө) түс - тохтоло суох тугунан эмэ дьарыктан; күүскүн-күдэххин харыстаабакка сүүр-көт, түбүгүр. Быть постоянно занятым работой; суетиться, хлопотать, не жалея сил. Ол күннэргэ Кубаачалаах, Кунаакап Дьөгүөссэлээх Олорон баран турбатылар, Уруоктарыгар умса түстүлэр. С. Васильев Сааһын тухары ыал хамначчыта буолан ыарахан үлэҕэ умса көлүллэ сырыттаҕа. Болот Боотур Кэскили, сарсыҥҥыны умнан, күннээҕигэ умса түһэр курдукпут дии. "Кыым". Умса түс (хоруй) кэпс. - өл, куһаҕан буол, күн сириттэн сүт. Умереть, пропасть; сгинуть. Оҕом барахсан Умса түспүт сураҕыттан Уйадыйдым быһыылаах.
П. Ойуунускай[Сөдүөт:] Оок-сиэ, бу сылдьан ханна эмэ умса хоруйдахпына, кэннибэр хаалааччым суох дии. Н. Кондаков Бэрт бэһиэлэй Виталий Седалищев эмиэ сэрии толоонугар умса түспүтэ. С. Федотов Умса түстэҕинэ сүүһүттэн өйүүр, тиэрэ түстэҕинэ кэтэҕиттэн өйүүр (киһитэ) көр кэтэх – Умса түстэхпинэ сүүспүттэн өйүөх буоларыҥ, тиэрэ түстэхпинэ кэтэхпиттэн өйүөх буоларыҥ эбээт. Саха фольк
Умса (умсары) уур
1) кими, тугу эмэ суох гын, эс, кыдый.
Прекратить существование кого-, чего-л., лишить жизни, уничтожить, истребить.
Иччилэргэ итэҕэли умса уурбута Ол нуучча норуотун култуурата. Эллэй. Икки атахтаах эйэлээх олоҕун иҥнэри үктээбит гитлеровскай Германия умса ууруллубут! Кыайыы! ХС [Дыраамаҕа] өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха эдэр дьахтарын сордоох-муҥнаах дьылҕата, умса ууруллубут таптала көрдөрүллэр. "ХС"; 2) кими, тугу эмэ атаҕастаа, түһэр, хаайтарыылаах балаһыанньаҕа киллэр. Ставить кого-л. в безвыходное положение, унижать, оскорблять. Кинээс Бииктэрэ, миигин, сор суоллааҕы, ама үчүгэйдик умса ууран бараахтаатыҥ ээ.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
Коля диэн оҕо дьэ сатамматах киһи үөскээбит, дьону барытын умса ууран эрэр эбит. Болот Боотур Ойоҕум миигин умса уураары, онон эрэ дьоллоноору кэлэн үҥсэ сылдьар. А. Бродников
Умса уур, иттэннэри (тиэрэ) уур (бырах)
үүт-үкчү, үүт-маас (кимиэхэ эмэ майгыннаа).
соотв. Точь в точь, как две капли.
Ол көрдөһүү төрдө бу атырдьах ыйыгар биллэн хаалбыт: умса уур, тиэрэ уур – Оҕуурап Оҕуурабынан, үүт-маас Уоһук курдук оҥоччу көрбүт уол оҕо эбит. П. Аввакумов
Сирэйэ-хараҕа, туттара-хаптара, бэл, ымах гынара
үүт-маас эйиэнэ.
Умса уур, тиэрэ бырах
Дойдокунов Дойдокуновынан.
"ХС"