ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыыллый

туохтуур

Нууччалыы дичать

English to become wild or feral

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Нууччалыы дичать

English to become wild or feral

  • кыыллыйбыт табалар
    дикие олениwild deer

2 туохтуур #

Нууччалыы зверский

English brutal (compare English beastly)

  • кыыллыйбыт өстөөх
    жестокий врагa brutal enemy

3 туохтуур #

Киһиттэн тэй, үргүүк, тэһии буол (хол., иитиэх кыыл, сүөһү туһунан)

Нууччалыы Становиться диким, дичать, одичать (о домашних животных)

  • Табалара кэнникинэн кыыллыйан, чугаһаабат да буолла.
    Болот Боотур
  • Ытыалаһыы ортотугар кыыллыйбыт аттары өрө мөхтөрбүтүнэн сылдьан, көлүйэн уонна ыҥыырдаан бүтэрбиттэрэ.
    Эрилик Эристиин
  • Билигин быаҕа үөрэппэтэххинэ, убаһаҥ сотору кыыллыйан хаалыыһы
    ХС

4 туохтуур #

Киһилии майгыгын сүтэр, адьырҕа кыыллыы быһыылан

Нууччалыы Потерять человеческий облик, озвереть, остервенеть

  • Кыыллыйбыт өстөөххө Кырыыспыт уһуктанна, Кырдьыкпыт туһугар Кырыкпыт биилэннэ. Саха нар. ыр. III. Абаҕа оскуолатын -- эдэр пионердара кыыллыйбыт бандьыыттары утары хорсуннук охсуспуттара.
    Н. Якутскай
  • Кыыллыйбыт өстөөх хоттордоҕуна кыыллааҕар да сидьиҥ кэмэлдьилэнэр
    П. Егоров

5 туохтуур #

Дьонтон-сэргэттэн тэйэ тутун, соҕотоҕун сырыт

Нууччалыы Дичиться, чуждаться людей

  • Илэ абааһы сирэйин кэтэн, түптээх олоҕу олорбокко, кыыллыйан дьонуттан саһан, куота сылдьар, хата ханна чугас ойуун кыырдын да, онно баран олорор.
    Саха фольк
  • Кэнникинэн ол кини кыыллыйан да барбыт, Сорох-сорох сирдэргэ, "Чучунаа" аатырбыт.
    М. Ефимов
  • Дьон кэлиэх, сылдьыах да буолтун иһин, бэйэм кыыллыйан, тэйэн хаалтым
    Н. Заболоцкай

«К» буукуба