ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыр

туохтуур

Нууччалыы худеть, тощать

English lose weight

1 туохтуур #

Аанньа аһаабакка аччыктаан, хоргуйан быһа түс, ыйааһыҥҥын сүтэр, дьүдьэй

Нууччалыы Худеть, тощать

  • Өлөөнө соҕотох ынахтааҕа, саас ото суох буолан, аччыктаан охтуох курдук дьүүкэрэн ырбыта.
    П. Аввакумов
  • Ото соппоҥ буолан сүөһүлэр ыраллар, сороҕор өлүөхтэрин да сөп.
    И. Сосин
  • Түөһэ кырыыланан, ыран, уҥуохтаах тириитэ эрэ хаалбыт
    Сэмээр Баһылай

2 туохтуур #

Күүстээх үлэҕэ, ыраах айаҥҥа сэниэҕин эс, сылай, сындалый

Нууччалыы Изматываться, притомляться, уставать, утомляться (напр., от работы, езды)

  • Оо, бары дьон дууһалара Ытык сэргэ буоллаллар, Айан ырбыт аттара Тохтоон, сэниэ ыллаллар!
    И. Гоголев
  • Көлүнэн иһэр табалара улаханнык ырбыт этилэр.
    Н. Якутскай
  • Яков төттөрү-таары тиэстэригэр букатын ыран хаалла, куйаас да илиһиннэрдэ, утаппыта да сүрдээх.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС, тюрк. ар ‘тощать, худеть, отощать; утомляться’

«Ы» буукуба