Перевод с якутского
хат
сыһыат, даҕааһын, туохтуур
Нууччалыы снова; опять
English again
Ис хоһооно · 22
1 сыһыат #
Нууччалыы снова; опять
English again
хат кэллэ он снова пришёл, он вернулсяhe came again / he returned хат-хат ыйытыма не спрашивай сноваdon't ask again
2 туохтуур #
Нууччалыы высыхать
English to dry out
ардах түспэккэ, сир хатан хаалла давно нет дождя, и земля высохлаit hasn't rained , so the earth has ended up drying out хам хат высохнуть до концаto completely dry out
3 туохтуур #
Нууччалыы худеть
English to lose weight
дэлби хатан хаалбыт он в конце концов сильно похуделhe ended up losing quite a lot of weight
4 туохтуур #
Нууччалыы узел
English to (tie in a) knot
кыһыл кумаҕынан өтүү хатар из красного песка он вьёт верёвкуfrom the red sand he knots a rope
5 даҕааһын #
Нууччалыы дополнительный
English extra, additional
6 туохтуур #
Нууччалыы сохнуть
English become dry
7 туохтуур #
Сиигэ, уута суох буолан, хагдарый, куур (от-мас, сир-дойду туһунан)
Нууччалыы Увядать, гибнуть от недостатка влаги, засыхать (о растительности); сохнуть, высыхать, засыхать из-за отсутствия влаги (о почве, земле)
Добун сирдэр отторо хатан, хаһыҥтан тоҥон турар курдук хаамтахха курдурҕас тыастанна. М. Доҕордуурап Ыраатта кураан буолбута, – Сир-дойду куурда, хатта. Баал Хабырыыс [Үүнээйи] буора хаттаҕына, уу кэмигэр аанньа кутуллубат буоллаҕына, умнаһа мастыйар, сэбирдэҕэ утуу-субуу түһэр, сибэккитэ тахсан иһэн таммалыыр ЕАМ ББКП
8 туохтуур #
Олоччу кууран хаал
Нууччалыы Становиться сухим, терять влагу, засыхать, усыхать
Күөллэр үксүлэрэ уоллулар, үрүйэлэр кумаҕынан көрдүлэр, балыктар хайыылара хатан өллүлэр. И. Гоголев Чабырҕайыттан хап-хара хаан сүүрэн түһэн сирэйигэр хаппыт. Н. Якутскай Олус тиритэллэриттэн таҥастарыгар иҥмит көлөһүн хатан, хордуоҥка курдук тура сылдьар буолан хаалар А. Шапошникова
9 туохтуур #
Сабыллыбакка, сууламмакка өр туран, сиигэ көтөн, кытаатан хаал, буорту буол, курсуй (ас-үөл туһунан)
Нууччалыы Становиться твёрдым, черстветь, портиться из-за потери влаги при неправильном хранении (о продуктах питания)
Маайа хаппыт лэппиэскэлээҕин тоһута тутан тимир тэриэлкэҕэ туруорар. Н. Якутскай Ыскаап иһигэр хатан хаалбыт килиэп тооромосторо сыталлара. П. Аввакумов Бэҕэһээ киэһэ ордорбут куобахтарын этин уонна хаппыт иэдьэгэйи хобордооххо кутан аҕалан остуолга уурда Р. Кулаковскай
10 туохтуур #
Сиик тиийбэккэ, кууран хаал, түүрүлүн (эт-сиин чаастарын туһунан)
Нууччалыы Сохнуть, пересыхать (напр., о губах)
Ийэлэрэ, бааһырбыт куба курдук, кыыкынаан ытаабыта да, ыртаччы хаппыт халтаһатыттан уу кэлбэт этэ. Эрилик Эристиин Уостара куураллар, хаталлар, Уу кутан биэрбэттэр. А. Абаҕыыныскай Хаппыт чороҥ тылынан Уол түөһүн салаата Т. Сметанин
11 туохтуур #
Нууччалыы Становиться прочным, твёрдым (об изделиях из глины, дерева); сушиться (о скошенной траве, о лекарственных травах), вялиться (напр., о мясе, рыбе)
Үрүҥ туойу эллээн баран хатардахха хайдыбат, кыбыс-кытаанах буола хатан хаалар. И. Данилов Субурҕаны хаста да оту эргитэҕин, кууруор, хатыар диэри. Н. Габышев Күөрэгэй [кыыс аата] хаппыт үтэ балыгыттан ылан [эһэ оҕолоругар] биирдиини быраҕаттаата. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Былыр дьиэ маһа сылы быһа хата, суолла сытыахтаах ХС
Этиилэр
Сөп буола кытаат (алдьаммат, үлтүрүйбэт гына
хол.
, туой, мас оҥоһуктары этэргэ); туһаҕа тахсар гына, төһө эмэ кэмҥэ сөптөөх сиргэ туран, куур, кураанах буол (хол., охсуллубут эбэтэр эмтээх оту, оттуллар маһы, аһы-үөлү этэргэ)
12 туохтуур #
Этиҥ-хааныҥ иинэ, суолла ыр, дьүдьэй
Нууччалыы Худеть, сохнуть, чахнуть
Уон аҕыс саастаахпар мин туйгун Уляны таптааммын хаппытым. И. Гоголев Мааппа эмээхсин куура хаппыт, уҥуоҕунан көрбүт имэ кытара түстэ.
КүндэНьургуһун хараҕа биилэнэн, имин хаана кууран, сирэйэ кубарыйан, этэ-сиинэ хатан, хагдарыйар уһугар тиийбитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ийэтэ батталтан өлбүтэ, -- Ол онтон эрэйи көрбүтэ, оҕокком буомура хаппыта ХС
Өссө холобурдар (2)
Ханнык эмэ ыарыыттан хамсаабат буола, этиҥ-сииниҥ баран (киһи-сүөһү этин-сиинин туһунан). Θ Утрачивать подвижность, болезненно исхудать, усыхать (о части тела живого существа). Уһуннук уһаммытым сэтигэр-сэлээнигэр уҥа илиим туттарбат буолла, тыыннаахпына хатта.
Суорун ОмоллоонИлья Ефимович кырдьар сааһыгар уҥа илиитэ олус күүстээх үлэни тулуйбакка хатан барбыта ОАП ОДьТС
13 туохтуур #
Эт-хаан, өй-санаа өттүнэн күүстээх, тулуурдаах буолан таҕыс, оннук иитилин
Нууччалыы Закаливаться (физически и морально)
Буурҕа уотун суоһугар Буһан, хатан үүммүтүм. П. Тулааһынап Учуонай буолар диэн билигин олус үлэлээх, ыарахан. Үрдүк үөрэх кэнниттэн үлэлиигин, онтон үс сыл аспирантураҕа хатаҕын, диссертация суруйаҕын. Н. Габышев Буут үлэттэн быһах угунуу хатта уонна, мэктиэтигэр, эдэригэр түһэргэ дылы буолан истэ С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
Тулуурдаах, уҥумтуота суох быһый буола эрчилин, баайылын (үксүгэр сүүрүк ат туһунан). Θ Спускать, сгонять жир, сбавлять вес, сушиться (обычно о скаковой лошади). Соноҕостору тутан баран, кыһынын баайыллалларын курдук икки-үс хонукка кур отунан баайаҕын, оччоҕо түргэнник хатар АНП ССХТ
14 этии #
Нууччалыы Тише, замолчи (так говорят, унимая расшалившихся детей – букв. как бы горло не пересохло)
Этиилэр
Баһа хатта көр бас II
Биир фашист илиитин даллаппытынан окуопаҕа төттөрү сууллар. Үөн, баһыҥ хатта ини... Багдарыын Сүлбэ.
Бэлэһэ хатта
тамаҕа хатта диэн курдук.
Төбөтө, ыаҕастаах уу курдук, дьалкыҥнас буолбут, бэлэһэ хам хатан хаалбыт. Н. Якутскай
Бэлэһиҥ (айаҕыҥ) хатаарай
айдаарыма, уоскуй (олус мэниктээбит, аһара барбыт оҕолору буойарга тут-лар) Аргыый эрэ, бэлэһиҥ хатаарай...
Иҥииринэн хаппыт көр иҥиир
Тас көрүҥүн көрөн сэнээмэ
иҥииринэн хаппыт киһи.
Күөмэйим куурда (кэһиэҕирдэ, хатта) көр күөмэй I
Катя уолуйбут омунугар күөмэйэ хатан хайдах эрэ аһыы амтаннанан хаалла. Н. Заболоцкай Кинини [табаны] эккирэтэбит диэн күөмэйбит хатта. ВЛ РБЫ
Таас ытыс, хаппыт тарбах көр таас I
Ити киһиттэн көрдөһөн да диэн, таас ытыс, хаппыт тарбах.
Тамаҕа хатта
олус утатан, айаҕын иһэ кууран хаалла.
соотв. в горле пересохло.
Тамаҕа хам хатар, Куртаҕа курулас. С. Данилов Күөмэй, тамах хаттаҕына Омурт уу олуһун! И. Чаҕылҕан
Хаппыккар хатаа көр хатаа I
Миэхэ бэрт кыра эһэ үөһэ баар. Өлөр күммэр өрөһүлтэ гынаары хаппыппар хатаан сылдьабын. Далан
15 этии #
Нууччалыы Рассветать, начинать светать (букв. заря занимается – об утренней заре)
тыҥ хатта – сырдаа, сырдаан бар, халлаан сырдаата Дьол баар эн түүн арыйар Тэтэрээтиҥ быыһыгар, Мин тыҥ хатыар диэри айар Таптыыр ырыам тылыгар. И. Гоголев Тыҥ кылбайа хатыан инниттэн Табаһыттар хомуннулар. Р. Баҕатаайыскай Тыҥ хатта илин саҕахха, Булчут турда хайы-сахха. И. Артамонов
16 этии #
Нууччалыы Сильно похудеть, исхудать, высохнуть. [Ньургуһун:] Иҥнэрим хааннара куурдулар, Илиилиин-атахтыын хам хаттым
Этиилэр
Хам хат
1) олус күүскэ ыр, дьүдьэй Суорун Омоллоон. Уҥуоҕар хам хаппыт кыра оҕонньор, уоһун үрдүнээҕи маҥхайан эрэр бытыгын имэринэ-имэринэ саҥарар. М. Попов; 2) хамсаабакка биир сиргэ тур, олор.
Застыть в каком-л. положении, прирасти к чему-л. (напр., к месту).
Чаһы стрелката биир сиргэ хам хаппыкка дылы сыҕарыйбат. И. Данилов Октя барахсан кумааҕыга хам хатан эт тута илик эбит. ХС
Өссө холобурдар (1)
"Аны уочаракка хам хатарым итэҕэс эбит", – диэн абаккатыгар ботугураан ылла.
А. Кривошапкин
Хойуута хатар
ис-үөс үлэтэ мөлтөөн, кыайан тахсан киирбэккэ эрэйдэнэр.
Страдать запором.
Ардыгар ыарыһах куртаҕын, оһоҕоһун үлэтэ мөлтүүр (хойуута хатар эбэтэр убуур). ТЕН ИДь. ДТС, тюрк. хат
17 туохтуур #
Икки утаҕы (хол., сүөһү иҥиирин эбэтэр сылгы сиэлин) ньилбэккэр ууран олорон бэйэ-бэйэлэрин кытта холбуу эрийэн сапта, быата өр
Нууччалыы Сучить нитку (напр., из сухожилий животного), вить верёвку (напр., из конских волос)
Былыр мин эһэм сут дьыл -- эбэм баттаҕынан туһах хатан уонча улары бултаан өрүһүммүттэрэ үһү. Амма Аччыгыйа Эбэтэ үрүҥ уонна хара өҥнөөх сылгы сиэлиттэн уһун ситии хатара. Г. Угаров Орпут иҥиирдэрин илитэн баран иистэнэр сап курдук синньигэс гына сап хатар. "Чолбон". Мин уот иннигэр олорон ньилбэкпэр тарбыйах өтүүтэ хатабын Чолбон
18 этии #
Этиилэр
Кумахтан өтүүнү (быаны, ситиини) хатар (өрөр) көр кумах
Кумахтан өтүүнү хатар Кураанах тыл маастардара. Күннүк Уурастыырап
Кумахтан быаны да хаппаттар, Тыал тыаһа
эһи тылгыт!
(Кыһыл) кумаҕынан (тылынан) өтүү (кумаҕы) хатар – (кыһыл) кумаҕынан (тылынан) өтүү хатар диэн курдук (көр өтүү). Алексей Ивановичтара, кырдьык да, кыһыл тылынан кыайан өтүүнү хаппат киһи эбит. В. Ойуурускай
Жигитектэр
кыһыл тылынан кумаҕы хатар, хабараан, бас-баттах дьоннор.
Ср. хак., хат, тув. кадар, алт. кат ‘сучить, свивать’; ДТС хадар ‘вертеть’, ‘выворачивать’
19 даҕааһын #
, кэпс. Оҕолоноору сылдьар, ыарахан, оһоҕостоох (дьахтарга эрэ тут-лар)
Нууччалыы Беременная (о женщине)
Татьяна Афанасьевна кэргэнэ Алексей Трофимович сэриигэ барарыгар тохсус оҕотунан хат хаалбыта. ПНИ АДХ. Үлэтигэр кинини хат диэн өссө ким да өйдөөн-дьүүллээн билэ илик. Огдо. Хат дьахтар муҥханы үрдүнэн хаамыа суохтаах. Хаамтаҕына, балык булда хаҥнар дииллэр. "Саха с. ". Хат буолуу дьахтар этигэр-хааныгар, доруобуйатын уопсай туругар улахан уларыйыылары үөскэтэр – бу дьахтар саамай тупсар, киэркэйэр, организма ситэр, толору сайдар кэмэ ТЕН ИДь
20 этии #
Этиилэр
Атыыр оҕус алтаҕа, хат дьахтар хаамыыта көр алтах
Хат дьахтар хаамыыта Ханнык бөрүкү буолуой? А-ИМН ОЫЭБЫ.
Тобугар хат буолбут көр тобук
Чэ, доҕор, тобуккар хат буолбуккун дуу, бара охсуохха. НАГ ЯРФС II
21 #
Иккистээн, саҥалыы, хос (хол., тугу эмэ оҥор)
Нууччалыы Снова, вновь, повторно, вторично (напр., делать что-л.)
Дьэбдьиэ хат утуйуон санаата буолбата, уута да син хаммыт курдук. Болот Боотур Тыл чыычаах буолбатах, төлө тутан баран, кинини хат төнүннэрбэккин. Н. Заболоцкай Этэрбэһи хат улларарга эргэ уллуҥу көтүрэн, саҥаны олордуллар. Хомус Уйбаан. Билигин үгүс киһи уҥуохтара сыыһа оһон хат-хат туттаран эрэйдэнэллэр А-ИНА ДьБО
22 этии #
Этиилэр
Хат таманнан көр таманнан
Онуоха көрдөҕүнэ
ата халыҥ куҥнаммыт, хат таманнаммыт, үтүө бэйэлэммит.
Тюрк. кат