ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иин-хат

туохтуур

Нууччалыы высыхая от нехватки влаги, уменьшаться в объеме

1 туохтуур #

Уу, сиик тиийбэтиттэн кууран, кыратый, куччаа (үүнээйи туһунан)

Нууччалыы Высыхая от нехватки влаги, уменьшаться в объеме (о растении)

  • Иинэн-хатан турбут Титирик тиит мастар Тэтэркэй киистэлэннилэр.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Бадаай тойон алтан араҥаһын сүкпүт-көтөхпүт былыргы модун тиит билигин иинэн-хатан турар.
    Л. Попов
  • Уоттаах-буурҕалаах сылларга ииммит-хаппыт чараҥҥа саҥа хахыйахтар чүмэчи курдук сандаардылар
    И. Егоров

2 туохтуур #

Дьүдьэйэн, этиҥ-хааныҥ уолан, улаханнык ыран хаал (ыарыыттан, ыар санааттан)

Нууччалыы Сильно худеть, сохнуть (от болезни, постоянных тяжелых дум, большого горя)

  • Кини [Огдооччуйа] өссө да өр ыалдьан, иинэн-хатан баран, кэнники өлөн хаалта. Н. Заболоöкай. Кыыһа ыарыыта бэргээн, үксүн сытан тахсар, сэниэтэ да суоҕа сүрдээх. Өссө ордук ииннэ-хатта, кубарыйда.
    Болот Боотур
  • Оо, эрэйдээҕим, иинэн-хатан, илиитэ-атаҕа синньээн, көхсө хопполлон сирэйэ-хараҕа ньаспаллан, сэрбэйэн-арбайан, түргэнник да кырыйда-дьүдьэйдэ
    Болот Боотур

«И» буукуба