Перевод с якутского
иин
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы яма; дыра
English pit, hole
Ис хоһооно · 12
1 аат тыл #
Нууччалыы яма; дыра
English pit, hole
киһи иннигэр иини хаһыма, бэйэҥ түһүөҥ не рой другую яму, сам в неё упадёшьdon't dig another hole, as you yourself will fall into it
2 туохтуур #
Нууччалыы худеть
English to lose weight
ыарыһах олус ииммит больной сильно исхудалthe patient has lost a lot of weight
3 туохтуур #
Кэхтэн, куур-хат, кыччаа
Нууччалыы Сохнуть, уменьшаться от высыхания, усыхать
Үөл маһы хатардахха, иинэн хаалар. [Хатыҥнар] сэбирдэхтэрэ иинэн, таарыйдах аайы сиргэ тохтон кулахачыһаллар. Н. Заболоöкай. Ол эрээри холкуос дьиэтэ-уота үксээн, үрдээн истэҕин аайы, кинилэр балаҕаннара улам кыччаан, иинэн, кирийэн иһэргэ дылы Амма Аччыгыйа
4 туохтуур #
Эккин-сииҥҥин сүүйтэрэн дьүдьэй, ыр, көтөхтөр (үксүгэр ыарыыттан, ыар санааттан)
Нууччалыы Тощать, худеть (обычно от болезни, печали, горестных, тяжелых дум, переживаний)
Хайдах эрэ ииммит, кубарыйбыт көрүҥнээх, ол да буоллар ордук үчүгэй, нарын-намчы буолбукка дылы. Болот Боотур Иэдэстэрин этэ хайдах эрэ ииммит, кубарыйбыт соҕус буолан көстөр. Н. Заболоöкай. Магдьали оҕонньор уостан, иинэн, симэлийэн иһэргэ дылыта ХС
5 туохтуур #
түөлбэ. Кубарый
Нууччалыы Бледнеть
Хаана ииммит сирэйигэр мэлдьи арахпат дириҥ кутурҕан иҥмит. А. Федоров Медынöева сирэйин хаана, хаһыҥ хаарыйбыт отун курдук, ииммит. А. Федоров Ср. тюрк. син ‘убывать, уменьшаться’
6 аат тыл #
Хаспах, оҥкучах, хаһыллыбыт сир
Нууччалыы Яма, вырытое в земле углубление
Иин уутугар муҥхалаабыкка дылы (өс ном.). Баҕана ииннэрин хаһыталаабыттар эбит. Амма Аччыгыйа Ампаар кэннигэр иин хаһан, көмүһүн, көмүс харчытын кистиир. Н. Якутскай Икки миэтэрэ дириҥнээх уонна аҕыс миэтэрэ уһун иини хаһабыт М. Доҕордуурап
7 аат тыл #
Өлбүт киһини көмөр умуһах
Нууччалыы Яма, могила для погребения праха умершего
Өлбүт иинэ суох буолбат, тыыннаах аһылыга суох буолбат (өс хоһ.). Уон ордуга түөртээхпэр төрөөбүт ийэм-аҕам уҥуохтарын, дьаҥҥа өлбүттэрин кэннэ, бэйэм соҕотоҕун иин хаһан туппутум.
Суорун ОмоллоонСнайперскай бинтиэпкэни туора тутан, киһим иинин боруогар сөһүргэстээн олордум Т. Сметанин
8 аат тыл #
Хороон
Нууччалыы Нора. Үөр бөрө иинин хастыбат (өс хоһ.)
9 аат тыл #
Баттал, ыар олох
Нууччалыы Гнет, насилие, тяжелая жизнь
10 аат тыл #
Улахан хайдыһыы (хол., хаһан да эйэлэспэт гына өстөһүү)
Нууччалыы Пропасть, глубокое расхождение, разногласие между кем-л. в чем-л
Оччоҕо мин баай уонна дьадаҥы икки ардыларыгар дириҥ иин хаһылла сытарын өйдүөх киһи буолуом дуо, кыыс сөбүлээтэ да миэнэ буолуо диэн эрэнэ саныырым Эрилик Эристиин
11 аат тыл #
түөлбэ. Ас уурар оҥкучах, боппуолдьа
Нууччалыы Погреб, подполье
Хаҥас диэки баар иинтэн арыы, килиэп таһааран, чэйдиири бэлэмнээн бардылар. Эрилик Эристиин Бэҕэһээ сарсыарда Дьаарбаҥҥа үүтүн ииниттэн ыллара турара Эрилик Эристиин
12 этии #
Нууччалыы Находиться на краю могилы
Этиилэр
Иин айаҕар сытар
өлөр турукка киирэн сытар Мин көрдөхпүнэ, Даниил Егорович – иин айаҕар сытар.
Н. Босиков.
Иинин өҥөйбүт
букатын иэдэйбит, өлөрө адьас чугаһаабыт (өрүттүбэт гына ыалдьыбыт эбэтэр кырдьан буорайбыт киһи туһунан).
соотв. смотреть в могилу, стоять одной ногой в могиле (букв. заглянул в свою могилу).
Мин билигин өлөрүм чугаһаан, ииммин өҥөйөн олорор киһибин...
П. Ойуунускай
Иин иһин курдук (иин иһинии)
наһаа сүрдээхтик, киһи сүрүн-кутун баттыырдык (хараҥар, дьиппиэр).
Страшно, таинственно-угрожающе (темнеть, затихать).
Хабыс-хараҥа хаайыы хоһо иин иһин курдук дьиппиэрэн турда.
Суорун ОмоллоонТордох эмискэ иин иһинии хараҥара түстэ. С. Курилов
Иин курдук хараҥа
наһаа хараҥа, туох да көстүбэт хараҥата.
Непроглядная темень, тьма кромешная.
Эмиэ түгэҕэ биллибэт дириҥ уонна иин курдук хараҥа. Н. Заболоöкай. Түүҥҥү Берлин түннүктэрэ хара таҥаһынан сабылланнар иин иһин курдук хараҥа иэһийбит. Т. Сметанин
Иин курдук иҥнэстибит көр аан курдук алдьаммыт
Иинэ суох (биллибэт) илдьиркэй, аана суох (биллибэт) алдьархай көр аана суох алдьархай (иинэ суох илдьиркэй). Мин иинэ суох илдьиркэйгэ киирдим, аана суох алдьархайга бардым. Норуот был. сэһ. Иинэ биллибэт илдьиркэйи, Аана биллибэт алдьархайы Арыйбытынан туруоҕа.
П. Ойуунускай
Ииҥҥэ киирбит
өлбүт, олох олорон бүппүт.
соотв. Ложиться в могилу (букв. вошел в могилу).
Ийэ дойдукам иннигэр Ииҥҥэ да киирэр минньигэс. Эллэй. Төрөөбүт чиэспин Киртиппэккэ эрэ ииҥҥэ киириэм! Күннүк Уурастыырап Илин өттө кылгаан, ииҥҥэ киирэрэ чугаһаан... П. Тобуруокап
Ииҥҥэ киирии көр ииҥҥэ киирбит
Бачча үлэ үөһүгэр өрө мөхсө сылдьан ииҥҥэ киирии, бар дьонтон туорааһын – ордук ыар. ХС
Ииҥҥэ киллэр
өлөр, суох оҥор.
соотв. Свести в могилу, вгонять в гроб.
Сэриигэ көрсүбүт эрэйдэрэ-муҥнара элбэхтэри эрдэ ииҥҥэ киллээртэрэ. ХС Ийэ буолар үрдүк аналлаах дьахтар этэ-хаана сайдыытын, физиологиятын аахсыбакка туран, хара ньуура суох үлэлэтии кинини эрдэ ииҥҥэ киллэрэрэ. ФЕВ УТУ
Ииҥҥэ этиллибит
өлөр дьылҕаламмыт.
Иметь предопределенную горькую участь, приводящую к смерти.
Ама билигин, Үйэлээх сааһын туолан, Өлөн сытарын иһин, Ама билигин, Эттээх хаана Ииҥҥэ этиллибитин иһин... А. Софронов
Кутуйах иинин кэҥэтэр көр кутуйах
Биһиги сөмөлүөттэрбит тыас эрэ таһаарар буомбалары быраҕаттаабыттар. Фашистар, ону дьиҥнээх буомбалар диэн, кутуйах иинин кэҥэтэ сыппыттар. Т. Сметанин Тюрк. ин
