ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холун

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы подпруга

English surcingle

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Нууччалыы подпруга

English surcingle (senses 1 and 2)

  • холуна төлөрүйбүт
    подпруга у лошади ослаблаsurcingle came loose
I

2 туохтуур #

Улаханнык ыр, дьүдьэй

Нууччалыы Худеть, тощать. Оҕомүк, намчы уонна туох да көмүскэлэ-хаххата суох Аанчык баай ыар үлэтигэр тосту холлор, дьүдьэйэр

  • Тойон ыҥырыалаах сайын от өҥ буолааччы, оччоҕо сүөһү кыһын холлубат.
    Л. Габышев
  • Кыайан уойбакка арҕахха киирбэтэх эһэлэр дьүдьэйэн, ыран, холлон сорохторо кыһын тоҥон өлөллөр. ПАК. Хаарга аһаабыт сылгы тулуурдаах буолан холлон биэрбэт
    АНП ССХТ
  • Сытый-ымый, дьүдьэй (аһы этэргэ). Θ Портиться, протухать (о продуктах). Баар хаалбат, мал холлубат (өс xoh.). Чэй өр туран амтана холлубут

3 туохтуур #

Улам мөлтөөн, күһаҕан буол (күн-дьыл туһунан)

Нууччалыы Постепенно ухудшаться, портиться (о погоде)

  • Халлааммыт кэнникинэн быһыыта-таһаата холлон барда, субу-субу ардыыр, тыалырар
    СТБКТ

4 туохтуур #

Санааҥ түһэн кыыһыр, кыйахан (туохтан эрэ табыллыбакка, хараастан)

Нууччалыы Расстраиваться, раздражаться

  • Микиитэ уол төрөөбүт дьонуттан аан маҥнай арахсыбыт абата дьэ киирдэ, санаата түстэ, холунна
    Амма Аччыгыйа

5 туохтуур #

харыс т. Кыайан кыатаммат буолан таҥаскар тахсан киир

Нууччалыы Испражняться, ходить под себя (напр., о больном, парализованном человеке)

  • Ыстааныҥ кэннэ хап-хара. Кутталгар холлон кэбиспиккин!
    И. Гоголев
  • Оҕонньор наһаа буорайан таҥаһыгар холлор буолбут
    СТБКТ

6 этии #

Нууччалыы Перемениться в лице, помрачнеть, потемнеть лицом, нахмуриться (напр., от плохого настроения, гнева и т. п.). [Микиитэ] Кыайан саҥарбата

Этиилэр

Киҥэ (киҥэ-наара) холлор көр киҥ I

  • Ойоҕо Боккуойа этэрбэс тигэ олорон иннэтинэн сөмүйэтин дьөлө анньан, бэйэтэ даҕаны онтукатын оборо-оборо, киҥэ-наара холлон олороохтуур.
    Амма Аччыгыйа
  • Балыга суоҕуттан, аччыгыттан, сылайбыта бэрдиттэн киҥэ холлон сылдьар буолан, Микииппэр ньирэй тириитэ тортойбут сон дуомнаах уол эрэйдээҕи аһынарын оннугар мөҕөр.
    Н. Якутскай

Киһи баара холлуо дуо көр киһи I

  • Сэгэрим, киһи баара холлуо дуо, ону-маны билбэтэҕин-көрбөтөҕүн билэн-көрөн эрдэҕэ ити дии.
    Күндэ

Санаата холлор көр санаа II

  • Бу Мэхээлэ оҕонньор булчут дьон түүлээхтэрин биһиэхэ аҕалан биэрэллэриттэн санаата холлон этэр ини.
    Күндэ
  • Сирэйин быһыыта (сирэйэ) холлор кэпс. – туохтан эрэ самнан, санаата түһэн, сирэйэ-хараҕа саппаҕырар, арбы-сарбы буолар Тапталлаахтык, эрэллээхтик көрөн мылаҥнаһа олорбут оҕолорун сирэйдэрэ холлон, харахтара өһөн бардылар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
  • Мин [Лэкиэс] чахчы бардахпына, сирэйгит быһыыта холлуо эбээт.
    С. Ефремов
  • Барыбыт да аччыктааммыт сирэйбит быһыыта холунна. СТБК
    Т. Ср
  • ДТС, тюрк. хора ‘уменьшаться, убывать, худеть’
II

7 #

холуй диэнтэн бэй. myh. [Түөһэйбит оҕонньор] топпукка холунна. П. Ойуунускай. Кини [Тиитэп] атын киһиэхэ оччо кэрэхсэбилэ суох суолу кэпсээн эрэргэ холунна быһыылаах. Амма Аччыгыйа

III

8 аат тыл #

Ыҥыыр, ат өрөҕөтүн курдуу баран, дьириминэн тардыллан бааллар, бирээскэлээх уһун быата

Нууччалыы Широкий ремень седла или седёлки, затягиваемый под брюхом лошади, подпруга

  • Атын холунун тарда турар Охононооско Микиитэ тиийэн оргууй ботугураата.
    Амма Аччыгыйа
  • Ата даҕаны, холуннара босхо барыар диэри иһэ хам сыстан атырдьах ыйынааҕы иинэ хатан эрэр сөкү оту иҥсэлээхтик хабыалыыр.
    У. Нуолур
  • Ыҥыырым холуна быстан хаалбытын хаһан бу сылдьаммын оҥостобун?
    Н. Абыйчанин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС холан ‘поясной ремень, подпруга’, тув. колун ‘брюшная седельная подпруга’

«Х» буукуба