Перевод с якутского
чохчой
туохтуур
Нууччалыы сидеть на корточках
1 туохтуур #
Атахтаргын тобуктарынан күүскэ бокутан (буутуҥ сотоҕун таарыйыар диэри), аллара диэки түһэн олор
Нууччалыы Сидеть на корточках
Оҕонньор чохчойон олорон ыт оҕолорун биирдии-биирдии ылыталаан, имэрийэ-имэрийэ, ымманыйда. Амма Аччыгыйа [Кыысчаан] чохчойон олорон, чэчигирэччи күлэр уонна ытыһынан ууну сомсон күн диэки ыһан күдээритэр.
Н. ЛугиновАаныска чохчойон олорон, сибэкки быыһыгар үтүрүһэ үүммүт сыыс оту үргэтэлээтэ Күрүлгэн
2 туохтуур #
харыс т. Тахсан киир, хойуулаа (үксүгэр оҕону этэргэ)
Нууччалыы Испражняться (обычно о ребёнке)
Биир киһи талахтар кэннилэригэр чохчойон олорор. Н. Якутскай Уон икки хонук тухары Хойуум кэллэ диэн [Күн Толомон Ньургустай] Чохчойбута көстүбэтэ. ТТИГ КХКК. Ыарыы үөһүрдэр уонна хотуолатар буоллаҕына оҕо -- сууккаҕа хас төгүл хойуунан чохчойбутун -- суруйан иһиллиэхтээх ИБГ ДЬОЫа
3 этии #
Нууччалыы Скупец, скряга (букв. испражнившись, оглядывается – не воспользовалась ли собака)
Этиилэр
Чохчойон баран, кэннин хайыһан көрөр киһи
кэччэгэй, күтүр киһи Ыалбыт, чохчойон баран, кэннин хайыһан көрөр киһи.
Ср. ДТС, тюрк. чөк ʽспускатьсяʼ, кирг. токчой ʽплотно сжаться в комочекʼ, кум. чекмек ʽприседать, садиться на корточкиʼ