ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэччэгэй

даҕааһын

Нууччалыы скупой, жадный, скаредный, скупец. [Кэтириис:] Онто да суох күтүр, кэччэгэй аатым балай эрэ тарҕанна

1 даҕааһын #

Тугу да кимиэхэ да биэриэн баҕарбат, күтүр

Нууччалыы Скупой, жадный, скаредный, скупец. [Кэтириис:] Онто да суох күтүр, кэччэгэй аатым балай эрэ тарҕанна

  • Кини сааһын тухары, дьадаҥытынан хаалбыт гынан баран сүрдээх кэччэгэй Киргиэлэйдээҕэр быдан ыраастык аһаан-таҥнан олорор.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһиги чугаспытыгар бэйэтэ бэрт туспа сигилилээх-майгылаах, олус диэн кэччэгэй, күтүр киһи олорбута
    Н. Заболоцкай
  • Кэмчи, кэрэгэй. Θ Скупой, скудный. Мээлэ кэпсэммэтин, кэччэгэй тыллааҕын иһин этэбин.
    С. Окоемов
Өссө холобурдар (1)
  • Саха сиринээҕи кинигэ кыһата соторутааҕыта кэччэгэй соҕустук да буоллар, сэттэ эдэр поэттар кинигэлэрин таһаарда
    ХС

2 этии #

Кэччэгэй кэскиллэн - быстах оҥоруулан, дьоло суох буол Очурга оҕустаран, Томторго туойтаран, Итэҕэс айыыланаайаҥый, Кэччэгэй кэскиллэнээйэҥий Кэҕэ мэник уол!.. А. Софронов

Нууччалыы Быть несчастным, не имеющим будущего, обделенным судьбой

3 этии #

Кэччэгэй кириэһэ суох - кэччэгэй оннооҕор кириэскэ ороскуотуруон кэрэйэр Кэччэгэйтэн кэлтэгэй хамыйахтаах баһар - кэччэгэй (ордук) ночоотурар, хоромньулаах (этии былыргы итэҕэлтэн төрүттээх: Орто дойдуттан барыта чиэски, "кэлтэгэй", Аллараа дойду иҥсэлээх абааһылара асаһаллар, онон кэччэгэй куруук ночооттоох, хаһан да өнүйбэт). У скупца черпает тот, у кого щербатый половник (выражение основано на старинном веровании, по которому прожорливые черти нижнего мира, где все щербато (не как у людей), едят у скупого, потому он всегда терпит убыток; скупой платит дважды

Нууччалыы У скупца нет и креста

«К» буукуба