Перевод с якутского
кэрээн
даҕааһын
Нууччалыы скупой, прижимистый
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
даҕ
Кэрээн киһи кэҥээбэт, ордурҕас киһи уһаабат (өс ном.)
2 даҕааһын #
Кэччэгэй, күтүр
Нууччалыы Скупой, прижимистый
3 даҕааһын #
Татым, тутах, кэрэгэй
Нууччалыы Недостаточный, слабый, скупой
Кинини кытта бүгүн айылҕа тэҥҥэ үөрэргэ дылыта, бэл кыһыҥҥы кэрээн күн кытта мичээрдииргэ дылыта В. Протодьяконов
4 #
кэрээнэ суох сөбүлээб. Туттуммакка, тардыммакка харса-хабыра суох, сиэри-майгыны кэһэн (саҥар-иҥэр, быһыылан)
Нууччалыы Наглый, бесстыдный, беспардонный
Кэччэгэй киһини кэрээнэ суох гынна [арыгы].
Өксөкүлээх ӨлөксөйКимий бу, кэрээнэ суох, Кэрэмэс көтөрү бааһырдар?
Суорун ОмоллоонАтыыһыттар кэрээнэ суох ымсыы, сирэйэ-хараҕа суох дьон этилэр. Н. Габышев
Өссө холобурдар (5)
Кузьмин дьоҥҥо куһаҕаны оҥороору өссө кэрээнэ суох быһыытыйбыта ХС Кыбыстыбакка, килбигийбэккэ, симиттибэккэ. Θ Без (всякого) стеснения, смело; беззастенчиво. Коммунист партия барахсан Хотойдуу хоодуот, хоһуун оҕолоро, Кэнтиккэ да охтуохпут буоллар, Кэрээнэ суох кэпсэтэр дьон буолуохпут.
П. ОйуунускайКэрээниттэн тахсыбыт - тугу да оҥорорун кэрэйбэт буолбут. Θ Дошедший до последней степени наглости, обнаглеть озвереть. Наар кыыл буолбут кэрээннэриттэн тахсыбыт дьонтон куттанар. А. Сыромятникова Дьэ саат-суут суох баҕайыта, олох кэрээниттэн тахсыбыт. ХС Кэрээнин сүтэрбит - кэрээниттэн тахсыбыт диэн курдук. Билигин былааһы тутан олорор баай кылаастар кэрээннэрин сүтэрбиттэрэ. Дж. Рид (тылб.)