ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күтүр

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы ужасный; грозный

English terrible, formidable

Ис хоһооно · 8

1 даҕааһын #

Нууччалыы ужасный; грозный

English terrible, formidable

  • күтүр кыыл
    страшный зверьa terrible beast
  • күтүр күүс
    грозная силаformidable force

2 даҕааһын #

Нууччалыы огромный

English huge

  • күтүр дьиэ
    огромный домa huge house

3 даҕааһын #

Кэччэгэй, киһиэхэ тугу эмэ биэриэн, бэрсиэн баҕарбат

Нууччалыы Скупой, жадный

  • Биһиги чугаспытыгар бэйэтэ бэрт туспа сигилилээх-майгылаах, олус диэн кэччэгэй, күтүр киһи олорбута.
    Н. Заболоцкай
  • Көҥөс, күтүр киһи туһунан норуот номох кэпсээннэрэ, өһүн хоһоонноро өссө сытыылар.
    М. Чооруоһап
  • Холкуос баайын харыстыы үөрэнниннэр диэн, соруйан "кытаанах", күтүр киһи буола сатыыр
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Бу дойдуга түстэргин эрэ ити күтүр, - ити манаан сытар, суос-соҕотохто кэлэн үс төгүл сөрүөстэ түһэн баран ап-чарай быатынан сөрүү тардан ылыа, -- үс хос баһынан биирдэ ытырыа.
    Саха фольк
  • Куоҕаһы, суору уонна туруйаны тутан баран куоттардахха, арыт киһи кутун-сүрүн илдьэ баран хаалар күтүрдэр диэн былыргылар этэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Аан ийэ дойду иччитэ Алахчын Мичил хотун, атын күтүрдэр киирдилэр диэн атыҥырыыр буолаайаҕын!
    Эрилик Эристиин

4 даҕааһын #

Сүҥкэн, сүүнэ улахан

Нууччалыы Огромный, громадный

  • Хайа, оннук сүдү ойуун ыарахан соболоҥҥо, күтүр манньаҕа кэлэр киһи буолуо эбээт.
    Н. Неустроев
  • [Ыччаттарым] Күлүм-чаҕыл уоттаах Күтүр куораттары тутан, Уйгу-быйаҥ уорҕалаах Унаар хочолору чэлгитэн, Саха сирин уорҕатын Саахымат ойуунан сабаҕыт!
    С. Васильев
  • Тыллыырап истибэтигэр эттэххэ, кини былыр-былыргыттан тыллабырдьытынан, сымыйа биитэр сымыйа-кырдьык иккэрдинэн дьыалаһытынан сураҕырбыт күтүр. Софр. Данилов. Дьалаан тойонтон кыыс билигин да саллар. Уодаһыннаах, оҕуруктаах санаалаах күтүр.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Аны билигин биэлэйдэр диэн ааттанааччы улуу күтүрдэр саанан үүрэллэрэ хаалбыт.
    ХС
  • Ср. монг. хүдэр 'сильный, здоровый'; монг. хэдэр 'непослушный, упрямый; со скверным характером'

5 даҕааһын #

Дьулаан, кутталлаах

Нууччалыы Страшный, опасный, жестокий, грозный

  • Көмүрүө хаар сүгэһэрдээх Күөх эбириэн оҕустаах Күтүр тымныы дьылым Көмөлүйэ бүрүүкээн кэллэ.
    Саха фольк
  • Дьэ, кырдьык быйыл бэйэтэ даҕаны дьаҥныын-дьаһахтыын күтүр дьыл ааста.
    А. Софронов
  • Үөрүү, оҕо буолан, хостон Салааскатын состо, Күтүр тымныы муоһа, тостон, Уоллаах кыыс оонньоото
    Дьуон Дьаҥылы

6 даҕааһын #

үөхс. Абааһы, киһи дьулайар харамайа; көстүбэт күүс

Нууччалыы Дьявол, чудовище, черт; злой дух

7 аат тыл #

Киһиэхэ куһаҕаны оҥорор, куһаҕаннык дьайар майгылаах-сигилилээх киһи

Нууччалыы Человек с дурным характером, злыдень

8 этии #

Нууччалыы Дурень, глупец; урод

  • Күтүр өстөөх - баҕайы, акаары Күтүр өстөөх, эмээхсиниҥ өлбүтүн кэннэ, дьиэҕин ким дьиэлиэй, ким сүөһүгүн, аскын дьаһайыай?
    Н. Неустроев
  • Күтүр өстөөх, доҕорбун эрэниминэбин, кырдьык, биирдэ күнүүлээн көтүрү сытыйбытым баар этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Күтүр өстөөх, дьөлө түһэн биэрэҕин! Хара сарсыардаттан кэтэс мэлигир, кэтэс мэлигир! Н. Лугинов

«К» буукуба