ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суос

аат тыл, даҕааһын, туохтуур

Нууччалыы тепло

English heat

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Нууччалыы тепло

English heat

  • тимир оһох суоһа
    жар железной печиthe heat of an iron stove
  • киһи тулуйбат суоһа
    нестерпимая жараan unbearable heat
I

2 туохтуур #

Туох эмэ суоһааһыныттан итий, бус

Нууччалыы Становиться горячим, нагреваться от тепла, жара (излучаемого чем-л.)

  • Ыараханнык бааһырбыт биллибэт саллаат үлүгүнэйэр, төбөтүн өндөтө сатыыр да кыайбат. Өйдөммүтэ көхсө суоспута сүр. ПИ КТ. Мустубут дьон өр көһүппэтин, өҥүрүк куйааска суоспатын наадатыттан аһылыгы учаастактарынан, биригээдэлэринэн тэрийэр наада. АВФ ЫХТС. Уоттаах куйаастан суоспут көхсүгүн ити кыракый уугунан сөрүүкэтэ түһэҕин уонна инниҥ, инниҥ эрэ диэки бараҕын
    Кыым
II

3 аат тыл #

Туох эмэ итиитэ, сылааһа

Нууччалыы Жар, тепло, исходящие от чего-л

  • Дьэкиимнээх Сардаана дьоҥҥо суоһа кэлэр гына туспа кутаа отуннулар.
    Болот Боотур
  • Оҕолору Сыллай араастаан муҥнуур, эттэрин суоһугар сылытынан саҥардыы нухарыйан эрдэхтэринэ, саптан сытар таҥастарын хастыы тардар.
    Амма Аччыгыйа
  • Оһох тигинии умайар, суоһа субу кэлэр.
    А. Фёдоров
Өссө холобурдар (1)
  • Күөх халлааҥҥа күн суоһа Күлүм оонньуу тунаарар
    В. Чиряев

4 аат тыл #

Ким-туох эмэ киһиэхэ дьулаана, куттала

Нууччалыы Опасность, угроза, беда, страх, внушаемый чем-л.; гнев. [Сэриигэ] өлөн хаалыа диэтэххэ – суоһа бэрт ээ… П

  • Ойуунускай. Сэрии суоһа хаарыйбатах ыала диэн суох.
    Б. Павлов
  • Дьэргэлгэн уонна Кыыдаана тапталлара Дьыбарсын эмээхсин суоһуттан да чаҕыйбат.
    Н. Тобуруокап
  • Сэрииттэн эчэйэн кэлбит Сэргэ сытааччы киһиҥ, Кини өлүү суоһун билбит Ийэ сирин иһин
    И. Чаҕылҕан

5 этии #

Нууччалыы Вести себя угрожающе, грозить, давать острастку

  • суолт. көр суостаах. [Макар:] Былыр оҕо эрдэхпитинээҕигэ, нууччаттан куттанар да буоларбыт. Кырдьык да суос дьон буолаллара.
    А. Софронов
  • Табаарыстар, суос өстөөхпүтүн сууһарар биир сыаллаахпыт.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Бу ыстаапка -- комиссарынан суос көрүҥнээх киһи олорор эбит. Н. Түгүнүүрэп
Өссө холобурдар (4)
  • Суос бэринэр кэпс. – куттуурдуу туттар, эрдэттэн суоһурар Сиидэркэ суос бэринэн, саппыкытынан күүлэ муостатын тиҥилэхтээтэ.
    И. Гоголев
  • [Эһэ] суос бэринэн ынырыктык часкыйа-часкыйа, биир бэһи баппаҕайдарынан хайыта-тырыта сынньыбыта.
    И. Федосеев
  • "Ким атай?" – Чомпооһоп суос бэринэн кытаанахтык ыйытта.
    ХС
  • Ср. каракалп. сус ‘внушительный, властный вид’, жауыз ‘зловредный; злой; коварный’
III

6 #

Күүһүрдэр эбиискэ, со-, са-, сы- диэн саҕаланар олохторго сыстар: суос-соҕотох, суос-сатыы, суос-сыгынньах

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица, присоединяемая к основам, начинающимся на со-, са-, сы-: суос-соҕотох ‘совсем один’; ‘один-одинёшенек’, суос-сыгынньах ‘совершенно голый’

  • Нараҕаннаах Лоокуут диэн суос-соҕотох уол оҕолоохторо. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кинилэр ибис-иккиэйэҕин, тыанан суос-сатыы муҥу көрөн айаннаабыттара.
    А. Сыромятникова
  • "Суос-сымыйанан этэҕин", – Яков күлэ-күлэ эттэ
    М. Доҕордуурап

«С» буукуба