ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

итии

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы жаркий; теплый

English hot

Ис хоһооно · 9

1 даҕааһын #

Киһи этигэр биллэр суостаах

Нууччалыы Жаркий; теплый

  • Сайыҥҥы итии салгыҥҥа үөһэ оҥоойу үөрэ кыыгыныы туойар.
    Күндэ
  • Сири-дойдуну налыччы кууһар иһирик хараҥа итии түүнтэн эбитэ дуу, киһи санаата эмиэ сааскы түүҥҥүтээҕэр букатын атын.
    Далан
  • Кыһыллаай Маня быыкаа итии ытыһын ыга туппахтаата.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (7)
  • Курупааскы былыргы аата – хабыйахаан. Кини урут эмиэ итии дойдуга баран кыстыыра үһү
    СТС
  • Киһи этин сиир суостаах. Θ Горячий. Кинилэр отууларыгар киирэн куруускалаах итии чэйи үрэн бурулатан кэбиһэ-кэбиһэ, оргууй иһэ олордулар.
    Н. Заболоцкай
  • Бытыкаанап итии хобордооххо арыы кутан биэрэ олордо.
    В. Ойуурускай
  • Сыылан окуопаҕа киирэн истэҕинэ буулдьа тиэрмэһи тобулу көппүт, итии миин Бычков үрдүгэр тохтубут
    Т. Сметанин
  • Кутаа уот кытыытыгар олордоххо, уот өттүҥ итиинэн салаамахтыыр, улаҕа өттүҥ тымныынан хаарыйбахтыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Оһох аттыгар итиигэ туран эбитэ дуу – сирэйэ кытарбыт, тыынара кылгаабыт. Софр. Данилов. Дьахтар этэ-хаана оонньоон, эдэр киһи илиитин күүһүн, түөһүн итиитин билэн, моонньуттан кууһан ылла.
    Н. Павлов
  • Саха сирин килиимэтин тыйыс усулуобуйата итиини ордук тутумтуо матырыйааллары туһаныыга киэҥник киирэри эрэйэр
    Ленин с

2 даҕааһын #

Тымныыттан үчүгэйдик харыстыыр, ичигэс (таҥнар таҥас туһунан)

Нууччалыы Хорошо защищающий от холода, теплый (об одежде)

  • Халлаан тымныйбыт, итии үтүлүк кэтиэххин? Итии таҥас.
  • Манчаары аатынан пионерскай дружина бэйэтигэр улахан соругу ылыммыта: итии таҥаһы-үтүлүгү, бэргэһэни тигэн, оборуона пуондатыгар туттарарга, фронтовиктарга ыытарга.
    И. Федосеев
  • Аны билигин итии таҥаһынан, Дохсун дьыбарга тоҥмот гына, Куйахтаан биэриэх тустааххын Хорсун буойун саллааккын
    Эллэй
Өссө холобурдар (2)
  • Оҕо сааспыттан эн миигин, Доҕор туттаҥҥын таптыырыҥ, Онон сүрэҕим итиитин Күндү атаспар аныыбын! Эллэй. Бу бүгүн туттум илиини, Биир туох эрэ аптаах илиини... Эймэһийэр итиини кини кутта Этим сааһын устунан.
    С. Васильев
  • Эмиийдиир ийэ эрэйин-иэйиитин Эһиги бэлбэтэххит иһин – Этирик түөскүт минньигэһин Имэрийэр илиигит итиитин иҥээртим мин
    П. Тобуруокап

3 даҕааһын #

Сойо илик, сылааһа билигин да баар

Нууччалыы Тепленький, еще не остывший

  • Чэйбит билигин да итии эбит.
  • Бу куһу аны булуустуохха наада. Тута уурар сатаммат. Итии куһу уурдахха сытыйан хаалар
    Далан

4 даҕааһын #

Сибиэһэй, саҥа үөскээбит, дьарҕа буола илик (ымынах, баас туһунан)

Нууччалыы Свежий, находящийся на начальной стадии развития (о чесотке, сыпи, ране)

  • Итии бааһы дьуотунан төгүрүччү сотоллор.
  • Итии ымынаҕы былыр киһи, соччо айгыстыбакка, тугунан барытынан эмтээн үтүөрдэрэ
    Болот Боотур

5 даҕааһын #

Күүстээх истиҥ иэйиилээх

Нууччалыы Сердечный; прониктутый добрым чувством

  • Биир итии тылынан бу оҕо сүрэҕин ким биирдэ сылытан кинини үөрпүтэй?
    П. Ойуунускай
  • Лааһарап үлэтэ үмүрүйэ охсон маҥнайгы борохуоттары үрдүк үөрүүнэн, итии эҕэрдэнэн көрсүспүтэ баар буолар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кинини [Кыһыл Аармыйаны] үлэһит норуот барыта итии тапталынан таптыыр, ийэ алгыһынан алгыыр
    Суорун Омоллоон

6 аат тыл #

Туох эмэ (хол., күн уота, оһох) киһи этигэр биллэр суоһа

Нууччалыы Жар, исходящий от какого-л. источника тепла

7 даҕааһын #

Истиҥ иэйии (үксүн поэзияҕа)

Нууччалыы Доброе, нежное чувство к кому-чему-л., чувство любви, сердечность

8 этии #

Нууччалыы Пить или есть горячее с холода (букв. горячее вводи)

Этиилэр

Итии(тэ) киллэр

итии чэйдэ ис, итии аста аһаан, тоҥмуккун аһар Кэл, оҕонньор, итиитэ киллэр.

  • Ийэм эрэйдээх ахсынньы ый аам-даам тымныытыгар от тиэйэн, мас мастаан киирэн баран, итии да киллэриэх бокуой буолбакка хорон талыыта кургумун иһинэн кутаа уотунан куппутунан барбыт.
    Н. Заболоцкай
  • "Кинээстэр аҕа ууһун кырдьаҕастарын ыҥырталаа диэбиттэригэр сылдьабын," - диэтэ уонна итии киллэрэн баран, тахсан барда. Саха сэһ. II.

Итии хобордоох үрдүгэр олордор

элбэхтик саҥара, улаханнык мөҕө-үөҕэ көрсөр.

Встречать кого-л. страшной руганью, браниться; склонять на все лады, критиковать со всех сторон (букв. сажает кого-л. на горячую сковороду).

  • Мунньахха кэлбит дьон бары тимир-тамыр курдук көрөллөр, тыллара-өстөрө, итии хобордоох үрдүгэр олордон, сытыырхайбыта сүрдээх. П. Аввакумов

9 этии #

Нууччалыы Горячее питание

  • Итии аһылык - бэлэмнэммитин кэннэ уталыппакка сылааһыгар аһанар аһылык Онтон тахсан итии аһылык бэрээдэгинэн эт үөрэ сиэн, миин иһэн үлэһиттэр бэркэ көтөҕүлүннүлэр.
    М. Доҕордуурап
  • Ылан барбыт харчыбар оҕолор итии аһылыктарыгар анаан иһит-хомуос, ас-үөл атыыластым.
    И. Находкин
  • Тюрк. иси, изик, исси

«И» буукуба