ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

итии-буһуу

аат тыл

Нууччалыы ощущение сильной жары; пекло

1 аат тыл #

Көлөһүн тахсыар диэри, тиритиэххэ диэри буһуу (куйаастан, күүстээх үлэттэн)

Нууччалыы Ощущение сильной жары; пекло (напр., от зноя, тяжелой работы и т. п.)

  • Бу куйааска от охсоммут итии-буһуу бөҕө буолла.
  • [Хотой:] Салгына итиитэ-буһуута, куйааһа суох, биир да сымыыт сытыйыа-ымыйыа суох, биир да оҕо уйаҕа буһан, өлүө-сүтүө суох
    Суорун Омоллоон

2 этии #

Нууччалыы Попадать в сложное, трудное положение; попадать в переделку

Этиилэр

Итиигэ-буһууга киир (сырыт)

уустук, эрэйдээх суолга түбэс, ыарахан балаһыанньаҕа киир; улахан мөҕүллүүгэ-этиллиигэ түбэс Мин разведчикпын, маннааҕар буолуох итиигэ-буһууга сылдьыбытым.

  • Эн бу биһигинньиктэргэ эрэ харса суохтук туттунаҕын, оттон дьиҥнээх итиигэ-буһууга киирдэххинэ, эрэлэ суох киһигин.
    Д. Таас
  • Соловьев биһикки Өктөөп бырааһынньыгар диэри элбэхтик итиигэ-буһууга киирэн тахсыталаатыбыт.
    ХС

Итиигэ-буһууга киллэр (түһэр)

уустук, эрэйдээх суолга түбэһиннэр, ыарахан балаһыанньаҕа киллэр, улахан мөҕүүгэ-этиигэ түбэһиннэр.

Задать жару кому-л.

  • Доппуруостаан, мөҕөн-этэн итиигэ-буһууга киллэрдэ.
  • Кинини итиигэ-буһууга түһэрэн кытаанах миэрэҕэ тарпыттарын звенотугар биллэриэхтэрин иннинэ, бэйэтэ урутаан кэпсииргэ быһаарынна. П. Аввакумов

«И» буукуба