ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыйыс

даҕааһын

Нууччалыы сильный; прочный

English strong, durable

Ис хоһооно · 10

1 даҕааһын #

Нууччалыы сильный; прочный

English strong, durable

  • тыйыс өтүү
    крепкая верёвкаa strong rope
  • тыйыс таҥас
    прочная тканьdurable fabric

2 даҕааһын #

Нууччалыы строгий

English strict

  • кини тыйыс көрүҥнээх
    он выглядит строгоhe looks strict

3 даҕааһын #

Нууччалыы жадный; скупой

English greedy, miserly, stingy

  • тыйыс киһи
    жадный человекa greedy person

4 даҕааһын #

Нууччалыы твёрдый; жёсткий; суровый

English hard, tough, harsh

  • тыйыс климат
    суровый климатa harsh climate
  • сэрии тыйыс дьыллара
    суровые годы войныthe hard years of the war

5 даҕааһын #

даҕ

  • Дьоннор тыйыс да буолар эбиттэр!
  • "Аата, тоҕо сүрэй!" – диэн Ылдьаа дьон санаата тыйыһыттан, аһыныгаһа суоҕуттан сөҕө олордо
    Н. Заболоцкай
  • Тоҥуй, хаҕыс, тымныы (хол., сыһыан). Θ Холодный, чёрствый, неприязненный (отношение). Баһылай тыйыс сыһыантан соһуйан, оройго бэрдэрбиттии ходьох гынан далбааран ылла.
    У. Ойуур
Өссө холобурдар (1)
  • Киэҥ харахтара тыйыс, тымныы өҥүнэн килэбэчистилэр
    ХС

6 даҕааһын #

Аһыныгаһа суох, аһынары билбэт, муус сүрэхтээх (киһини этэргэ)

Нууччалыы Безжалостный, жестокосердный, бессердечный (о человеке)

7 даҕааһын #

Кытаанах, хаҕыс, санаабытын уларыппат (киһи санаатын, майгытын туһунан этэргэ)

Нууччалыы Жёсткий, суровый, непоколебимый (о характере человека). [Мэхээлэ:] Аҕаа, мин эйигин ити курдук тыйыс, кытаанах буолуо дии санаабат этим ээ

  • Тыйыс саха саҥарбата, Тымныытык мичээрдээтэ, Тииһин эрэ хабырынаат, Хааннааҕынан силлээтэ.
    И. Гоголев
  • – Ааттаммат кыыл дуо? – диэн истэ-истэ, уҥуохтара салҕалаабыт дьоннор, билигин адьырҕа кыыл кистэлэҥнээх күүһүн утары барар биир тыйыс санааны ылыммыттара тас да бодолоруттан биллэр этэ
    Л. Попов
  • Кытаанах, дьэбир (киһи тас көрүҥүн этэргэ). Θ Строгий, суровый (о внешности человека). [Ньургустай удаҕан – Куруубай хааннаах Кулун Куллустуурга:] О-ой, дуҕа-ар, хааныҥ-сииниҥ тоҕо тыйыһай, хараҕыҥ-сырайыҥ тоҕо хатыылааҕай? ПЭК ОНЛЯ III. Кырдьаҕастар кини тыйыс сэбэрэтиттэн толлон эмиэ саҥарбатылар.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Кини тыйыс сэбэрэтин Хараҕа сырдатара, Олоҕун уордаах иэйиитин Сүрэҕэ сымнатара
    С. Данилов

8 даҕааһын #

Кытаанах, ыар, суоһумар (хол., дьылҕа, оҥоһуу)

Нууччалыы Жестокий, безжалостный, беспощадный (напр., судьба, рок)

  • Уол оҕо оҥоһуута Тыйыс буолар куолута.
    С. Тарасов
  • [Кубалар] Кыһыйаннар, айманаллар – Көппөт тыйыс аналтан, Уонна кистээн ытаһаллар, Уолҕамчы, ыар санааттан.
    И. Федосеев
  • Кырдьар сааһыгар маннык тыйыс дьылҕа көһүтэрин өйүгэр да оҕустарбатах буолуохтаах
    Сэмээр Баһылай
Өссө холобурдар (3)
  • Элбэх эрэйдээх, сордоох-муҥнаах (үйэ, кэм туһунан этэргэ). Θ Несчастный, полный страданий; суровый, бедственный, гибельный (о времени, эпохе). Сиритэ ытыллыбыт Бойобуой знамябыт, Чэбдик тыалга тэлибирээ, Эн биһиэхэ кэпсээ, кэпсээ Буорах аһыы сыттаах дуолан, Тыйыс ааспыт кэм туһунан.
    И. Гоголев
  • Ол тыйыс кэмнэргэ ол оҕотук кыысчаан Дьон муҥун, эрэйин чэпчэтэри сатыыра.
    М. Ефимов
  • Олоххо табыллыбатах, Ылдьаа курдук, батталга-хараҥаҕа самнары баттатан, хаары-тибиини кэстэрэ сатаабыт былыргы тыйыс, күтүр үйэҕэ кэмнээх эбитэ буолуо дуо?
    Н. Заболоцкай

9 даҕааһын #

Олорорго кытаанах, ыарахан усулуобуйалаах (килиимэт туһунан этэргэ)

Нууччалыы Суровый, неблагоприятный для жизни (о климатических условиях)

  • Бу үлүгэрдээх тыйыс, хаҕыс айылҕалаах хотугу сири, ханныгын да иһин, куһаҕана суох норуот баһылаабыт, олох уотун сириэдиппит буолуохтаах.
    И. Федосеев
  • Саха сирин килиимэтин тыйыс усулуобуйатыгар сүөһү кыстыгын тэрийии ураты боччумнаах миэстэни ылар. ТВН ФБНь. Саха өрөспүүбүлүкэтин тыйыс айылҕатыгар, тоҥ буоругар эҥин эгэлгэ отонноох култууралары үүннэриэххэ сөп
    ЧМА МУХСҮү

10 даҕааһын #

Кытаанах, чиҥ, бөҕө (хол., тирии туһунан этэргэ)

Нууччалыы Прочный, плотный, крепкий (напр., о коже). [Ньургун Боотур] үс хос үрүҥ көмүс куйаҕы кэтэн кэбистэ, алта хос дьапталҕа сарыы тыйыһын мунньан оҥорбут сону, дыгдатчы кэтэн кэбистэ

  • Ньургун Боотур. Сарыы тыйыһыттан, саары килбэлдьигэһиттэн бэйэбэр сөрү-сөп сону, ыстааны, этэрбэһи кэтэрим.
    Болот Боотур
  • Буолуоҕа тугу да тулуппат кыахтаах, Буолуоҕа барыны сатыыр маастар; Ханнык да хатан киниэхэ самныаҕа, Тыйыс да ыстаал сымныаҕа.
    С. Зверев
  • Ср. алт. тыгыш ʽтесный, тугой, плотный, крепкийʼ

«Т» буукуба