ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иҥсэр

туохтуур

Нууччалыы жадничать

English (with dat.) to covet, to be greedy for

1 туохтуур #

Нууччалыы жадничать

English (with dat.) to covet, to be greedy for

  • аска иҥсэр
    жадничать до едыto be greedy for food
  • харчыга иҥсэр
    жадничать до денегto be greedy for money

2 туохтуур #

Аһыаххын-сиэххин наһаа баҕар

Нууччалыы Неудержимо хотеть, желать, стремиться есть, пить

  • Оҕолорум сордоохтор -- Минньигэс аһы билбэккэ, Тотор аһы булбакка, Кытыйа салааһыныгар кыһанан, Миин тобоҕор иҥсэрэн -- [кэбилэннэхтэрэ].
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Биир күөрт ыт уот иннигэр олорон, алаадьыга иҥсэрэн, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы, Харытыана сирэйин-хараҕын кэтэһэр.
    Күндэ
  • Болугур оҕонньор чыырдарын кыһарын дьоно иҥсэрбит, ымсыырбыт курдук кэтээн олороллор
    Н. Якутскай

3 туохтуур #

сөбүлээб. Бэйэҕэ туһанар эрэ туһугар үлүһүй; кыраҕа сөп буолбакка, өссө аһара наадый, бииртэн бииргэ баҕаран, ымсыыран ис

Нууччалыы Неудержимо стремиться во что бы то ни стало удевлотворить свою жадность, корыстолюбие

  • Муҥнанан-муҥнанан булбут биир кунаммытын улаатыннардым, ол ымсыытыгар иҥсэрэн [Быыпсай Сүөдэр] үөнэ хамсаан эрэр.
    Эрилик Эристиин
  • Ыраахтааҕылар баайга иҥсэрэн, тиистэрэ кыһыйдаҕына төрүөт көстөр.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин соҕотох аппар иҥсэрбит буола-буола
    В. Гаврильева

«И» буукуба