Перевод с якутского
сүл
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы сдирать, обдирать, снимать шкуру с убитого зверя, с забитой скотины
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Өлөрүллүбүт кыылы, сүөһүнү астыырга тириитин этиттэн арааран ыл
Нууччалыы Сдирать, обдирать, снимать шкуру с убитого зверя, с забитой скотины
Киһи табаларын барыларын сүлэ, астыы барбатаҕа, саамай кыра табаны эрэ сүлбүтэ. Эвен. фольк. Дайыыла Дарамаев бэркэ көнньүөрэн киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, дьиэтин аан хоһугар тииҥ сүлэ олордо. Софр. Данилов. Балаҕан хаҥас өттүгэр аҕамсыйа барбыт дьахтар кылбаа маҥан куобаҕы тириитин сүлэ олороро Н. Якутскай
2 туохтуур #
Ким эмэ баттаҕын күлтэччи кырый
Нууччалыы Постригать кого-л. наголо
Ити уол баттаҕын сүлэн кэбис
3 этии #
Нууччалыы соотв. спустить шкуру с кого-л
Этиилэр
Тириитин сүл
1) кими-эмэ туохха эмэ улаханнык буруйдаан дэлби мөх, иэнин хастаа Эһиги аттары, сынньатар кыаҕы биэрбэккэ эрэ, сырыыттан сырыыга ыытан иһэҕит, ити иһин Моргуев биһигини тириибитин сүлүөҕэ. Эрилик Эристиин. Ыстаапка илдьэн тириитин сүллэххэ, буруйун этиэҕэ. "ХС"; 2) кими-эмэ улаханнык атаҕастаа, онон-манан кыһарый.
соотв. шкуру драть с кого-л.
Билигин ол урааҥхай бүтүн нэһилиэк Сэбиэтин суруксута. Нолуогунан, ол-бу түһээнинэн тириибин сүлэн ахан биэрэр.
Л. ГабышевСр. ДТС йүли ‘брить’, сойул ‘снимать кожу, обдирать животное’, уйг. шүлүмэк ‘сдирать, соскабливать, скрести; грабить, ограблять’, тув. чүлү ‘брей, вычищай’
4 даҕааһын #
Олус улахан; күүстээх
Нууччалыы Огромный; сильный
Кырыа хаар олбохтоох, Сүл муус үллүктээх, Суостаах суодаллаах Аан-Даан улахан уолум обургу, Соҕуруу диэки суодалый, Күн аннын диэки күөлэһий! Саха фольк Ыар балта кыстыкка Саалларын кэриэтэ, Халҕаһа былыкка Сүл этиҥ эттэ ХС