ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүлбэ

аат тыл

Нууччалыы русло, фарватер реки

I

1 аат тыл #

Өрүс, үрэх уу сүүрдэр үөһэ, сүүрүгүрэр сүнньэ

Нууччалыы Русло, фарватер реки

  • Үрэх нэлэгэр сүлбэтин икки өттүгэр быһыт буора, үөрэммэтэх киһи хараҕар наһаа кэтирээн, халыччы кутулла сытара.
    В. Яковлев
  • Чагда тэллэҕинэн ааһар сүлбэҕэ дьүүктэ тыккырыы сытар.
    ХС
  • Айаннаан иһэн аллара диэки көрдөххө аҥаар өттүгэр Өлүөнэ барахсан киэҥ нэлэмэн сүлбэлэрэ килэдиһэллэр. "Кыым". Ср. казах. жүл ‘русло реки, ложе ручья; ложбина, лощина; овраг’
II

2 аат тыл #

, эргэр. Саары оҥорорго хаҕылаан сүлүллүбүт сылгы самыытыттан тириитин чараас түүлээх өттө

Нууччалыы Шкура с тонкой, гладкой шерстью, снятая с крупа лошади для изготовления кожи

  • Хара кырааскалаах касааҥка сыарҕа иннигэр от тэлгэтэн, ол үрдүгэр кутуйах өҥө өҥнөөх сылгы сүлбэтэ тэллэхпин тэлгии уурбуттара.
    И. Никифоров
  • Уҥа диэки олорботох сордоохпун, Кэтэҕэриин диэки кэлбэтэх эрэйдээхпин, Суоһалдьыйа Толбонноох Биһигин бигээбит, сүлбэттэн тэллэҕин куурдубут Мин баарбын.
    С. Зверев
  • Тэҥн. көҥүллэх

«С» буукуба