ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

айаан

аат тыл, аат

Нууччалыы заросшее кустарником старое русло реки, соединяющееся с рекой в половодье; долина реки у устья

I

1 аат тыл #

Өрүскэ түһэр үрэх төрдүн хочото; сэппэрээк үүммүт, үксүгэр уулаах, халааннаатаҕына өрүһү кытта силбэһэр сүлбэ, эбэтэр киэҥ аппа

Нууччалыы Заросшее кустарником старое русло реки, соединяющееся с рекой в половодье; долина реки у устья

  • Уйбааскылаах сыыры таҥнары анньынан, икки от үрэх холбоһон түһэр киэҥ айааныгар соҕотохто элээрдэн киирдилэр. Айаан илиҥҥи өттө түптэлэс буруонан аҥаатта турар.
    Л. Попов
  • Хаарбыт бүтүн сыттаҕына, Хара самыыр намылыйда, Эмискэччи айаан, сүүрээн Эҥсэр уунан халыһыйда.
    А. Бэрияк
  • Табаҕа диэн баһа-атаҕа биллибэт айааны солоон, сирин таҥастаан тыһыынча гектардаах биир кэлимсэ сонуогу оҥордулар
    И. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Үрэхтэн ситимнээх тыа, талах быыһыгар сытар, тулата оттоох, манчаарылаах уһун синньигэс уу, көлүйэ. Θ Длинный водоем в лесу, среди кустарников, заросший травой (связанный с рекой). Хаҥас өттүлэригэр ыарҕалаах талах быыһыгар кирийэн, тулата саба үүммүт хойуу манчаарылаах айаан өҥө синньээн, Куонаан “Буускабын” өнчөҕүн курдук, кылбайан сытара көстөр.
    Н. Заболоцкай
  • Уомул курдук айааннарыгар, Уучах муоһа үрэхтэригэр Уйгулаах уунан халааннатан Уста сыт. Чэчир-68. Ср. эвенк. аян ‘виска’
II

2 аат тыл #

Дуорааннаах лаҥкынас хаһыы (оҕус, бургунас туһунан)

Нууччалыы Раскатистый, притяжный рев (напр., быка)

  • Аалыы көмүс муостаах Атыыр кунаным Ала бургунас аймаҕын Аймаан дьалкытан аймаһыппыт Айаан бөҕөнү түһэрбит, Айаатаан лаҥкынаппыт.
    С. Зверев
  • Атыыр оҕус айаанын Айаатаата биир муҥхаал, хагдаҥ эһэ часкыырын Часкыытаата биир муҥхаал.
    С. Данилов
  • Арыт оҕус буолан Айаан күүһүн тардар
    Күннүк Уурастыырап

3 аат тыл #

Улахан айдаан-куйдаан

Нууччалыы Большой шум-гам

  • Бу дойду бары Чыычаахтара мустан, Ала таас хайа Үрүйэлэрэ устан, Үөрүүлээх айаан Үчүгэй дорҕоону, Дохсун самыырдыы, Тоҕо тартылар.
    С. Данилов
  • Өлөртөрбөтөх үтүөбүн төлөө диэбит буола-буолаҕын... Сааскар эн иэһиҥ айаана бараммат
    Эрилик Эристиин

«А» буукуба