Перевод с якутского
ыатар
туохтуур
Нууччалыы ворошить, вновь поднимать старое, давно забытое
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
, сөбүлээб
Ойуун баҕайы абырыыра биллибэт, бостуой үөһээҥҥини-алларааҥҥыны барытын ыатарыа. Күннүк Уурастыырап Арай кэлин наар санаа кулута буолар, уруккуну-хойуккуну ыатарар үгэстэннэ. Е. Неймохов Оҕонньоттор кэпсэтэ олороллор, табахтыыллар, уруккуну-хойуккуну ыатараллар. Доҕордоһуу т
2 туохтуур #
Урут буолбуту, былыр үйэтинээҕини эмиэ хат сөргүтэн, көбүтэн таһаар
Нууччалыы Ворошить, вновь поднимать старое, давно забытое
3 туохтуур #
Туох эмэ олус ыараханы кыай, ону кыайар күүстээх буол (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар)
Нууччалыы Обладать достаточной силой, чтоб одолеть, осилить кого-что-л.. (преим., употр. в отриц. ф.)
Лип хара (диэлиги) халҕаны сэттэ да киһи кыайан ыатарбат. Саха фольк Булчут атахтара ыараан, туох да кыайан ыатарбат буоланнар, сиргэ үүммүт курдук буолан хааллылар. Р. Кулаковскай Оҕонньор сундууга олус да ыарахан. Ким да ыатарбат, наартаҕа сатаан тиэллиэ суох Кыым
4 этии #
Нууччалыы Трудно найти слова, чтобы описать это (напр., о чём-л. страшном)
Этиилэр
Киһи сатаан ыатарбат
киһи өйүгэр батаран кыайан эппэт, сатаан кэпсээбэт (туох эмэ олус ыараханы, дьулаан быһыыны этэргэ) Ньиэмэстэр саба түһэннэр, Аҕа дойдубутугар тыын быстар куттала, киһи сатаан ыатарбат кытаанахтара үөскээбиттэрэ.
"Чолбон". Кини ийэлээх аҕата киһи сатаан ыатарбат, сокуоҥҥа баппатах буор иһээчи дьон этилэр.
Н. ГогольСр. ДТС аҕыт ʽзаставить подняться, поднятьʼ