Перевод с якутского
туһун
туохтуур
Нууччалыы схватившись друг с другом, стараться осилить противника; бороться
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Кимниин эмэ тутуһан охторсорго күүстэ былдьас
Нууччалыы Схватившись друг с другом, стараться осилить противника; бороться
Хайа, бу олохтоохтор, эһиги кылыйар, ыстаҥалыыр, тустар дьонноох буолаайаҕыт? Күннүк Уурастыырап Оҕонньоттор былыргылыы сири харбаан ылан ытыстарын сотуннулар уонна хапсан ыллылар, тустан бөкөрүстүлэр. И. Данилов Аҕам оҕо сылдьан Торкуоп тойону кытта Чыыстайга һээдьэлиир кэмҥэ тустубут ХС
2 туохтуур #
Ыарахан, кытаанах үлэҕэ сыралас
Нууччалыы Выполнять тяжёлую физ ическую работу
Эмиэ үлэлээн, окко умсаахтаан, субурҕалыын тустан бардылар. Н. Габышев Ноотоҕой сааһын тухары хара үлэни кытта тустан, сүгүн олор бот. "Күрүлгэн". Нэһилиэк дьоно бука бары бу былдьаһыктаах күннэргэ хара сарсыардаттан оту кытта тусталлар Чолбон Туох эмэ күүһүн уйарга, тугу эмэ тулуйарга күрэстэс. Θ Бороться со стихией. Мин хаалабын хоту сирбэр Кыһынныын туруулаһаары, Кыыл табаны көтүтэр Буурҕатыныын тустаары. И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
Тыаллартан эрдиибин кынаттаан, Тыыланан ыраахха уһуннум. Ыраас күн уотунан ыһыахтаан, Ырыанан долгуннуун туһуннум. Р. Баҕатаайыскай Үллэр баалынан балкыырданан өтөр тоҥмокко, чучураан тымныылыын тустар дииллэр Н. Абыйчанин
3 этии #
Этиилэр
Оту-маһы кытта туһун (тутуһан көрөр) көр от-мас
Оту-маһы кытта тустар эдэр-эрчим саастарым аастахтара.
Өрө туһун көр өрө
Үрүҥ долгун үлүмнэһэн Муус хапчаанныын өрө тустар. Р. Баҕатаайыскай Үрүҥ көмүс ыҥыырдаах Үүт маҥан ат сылгы Үөл тиити кытары Өрө туста хаалбыта. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
Оттон үрэх сүүрүгэ кыынньа-кыынньа ат сиэлин кытта өрө тустар. Н. Заболоцкай Аҕам күнү быһа тирэх мастан хаһыллан оҥоһуллубут тыытын кытта өрө тустан таҕыста. С. Ту мат. Стёпа өй булбуттуу, эмиэ уотун кытта өрө тустан барар. "ХС
4 этии #
Нууччалыы Быть очень жёстким, грубым, неподатливым (напр., о шкуре, коже)
Өрө туста сылдьар кэпс. – кытаанах, хоччорхой буолан өрө тура сырыт, кыайан кумуллума, сууланыма (хол., тирии) Сииккэ дэлби сытыйан баран хаччаччы хаппыт, өрө туста сылдьар ынах олооччутун булан кэттэ. Н. Павлов Уопуттаах дьоннор имиттэхтэринэ, киһини кытта өрө туста сылдьар тирии, хоччорхой тыс солко курдук сымныыр эбиттэр. "Кыым". Ср. бур. тулаха ʽдраться, сражаться’