ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туһунан

кэнники тыл, сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы тот

English that

Ис хоһооно · 6

1 кэнники тыл #

Нууччалыы тот

English that (when reporting indirect speech)

  • көрсүһүү бэркэ барбытын туһунан суруйбуттар
    писали, что собрание прошло хорошоthey wrote that the meeting went very well
I

2 #

дьөһ

  • Тоойуом, Саатыыр кыыс туһунан тугу да истэ иликкин дуо?
    Н. Якутскай
  • Борохуотунан элбэх сүөһүнү илдьэллэрин туһунан сураҕы Мэхээчэ олус сэргэҕэлии истэр.
    И. Бочкарёв
  • Уйгу-быйаҥ туһунан бар дьон үйэ-саас тухары санаа баҕата оҥостоллоро, дьиктилээхэй остуоруйалары айаллара, ырыа гынан ыллыыллара
    М. Доҕордуурап

3 #

Этиллэр санаа кимиэхэ, туохха туһуланарын көрдөрөр

Нууччалыы Указывает на лицо, предмет, явление, на которые направлена мысль, о которых идёт речь (о ком-чём-л.)

4 #

Туох эмэ хайысхатын, турар сирин көрдөрөр

Нууччалыы Указывает направление расположения, местонахождения чего-л

  • Сайылык бу туһунан буолуо диэн, Тэппэй кыҥырай тыаны быһа түспүтэ.
    Далан
  • [Эркээни:] Оҕолоруом, бу үрүҥ көмүс иҥэһэни Бу Ытык Хатыҥ сүрүн салаатыгар Күн тахсар сирин туһунан ыйааҥ.
    И. Гоголев
  • Отуум бу туһунан буолуо диэбит сирбинэн, быһа көрөн кэбистим
    Т. Сметанин
II

5 сыһыат #

Атыттарга холбоспокко, холбообокко; туспа

Нууччалыы Обособленно от других, в одиночку; отдельно

  • Туһунан олор. Бу кинигэни туһунан уур.
  • Эргийдэрбин иэччэҕим эмтэрийдин, Хайыстарбын хаалдьыгым хайыннын! Улуу дьон, туһунан сылдьыҥ! Ньургун Боотур. Сүүрэн кэлбитим иһитим умса түһэн сытара, хаппаҕа туһунан барбыт, саһылларым оҕолоро суох этилэр.
    Суорун Омоллоон
  • Тойомсук, улахамсык салайааччы диэн туһунан буолар эбит
    Кыым

6 даҕааһын #

суолт. Бэйэтэ тус туруктаах, атыттарга киирсибэт, туспа

Нууччалыы Существующий отдельно от других; отдельный, особый

  • Биһиги бэйэбит туһунан нэһилиэк буолабыт.
  • Оттон кэнники үөскээбит былыргы сэһэннэр, үһүйээннэр бэйэлэрэ эмиэ биир туһунан бэлиэ өрүттээхтэр.
    Саха фольк
  • "Туһунан ыал туһунан олоруохтаах, уу чугаһа, уруу ырааҕа ордук", – диэн өйдөөҕүмсүйбүтүм дии.
    Э. Соколов
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕуруот аһын үүннэрэн баран, тугу да энчирэппэккэ туһанар, эмиэ бэйэтэ туһунан уустук уонна умсугутуулаах дьарык буолар
    ЕАМ ББКП

«Т» буукуба