ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ол

туоһулааччы, солбуйар аат, тыл, аат тыл

Нууччалыы тот

English that

Ис хоһооно · 9
I

1 аат тыл #

ыйар солб. аат

2 аат тыл #

Саҥарааччы бэйэтиттэн тэйиччи баар предмети, көстүүнү, буолар дьайыыны ыйан көрдөрөрүгэр туттуллар

Нууччалыы Употребляется, когда говорящий указывает (обычно сопровождая указательным жестом) на предмет, явление, процесс, находящиеся или происходящие поодаль, на расстоянии от него (вон тот)

3 аат тыл #

Саҥарааччы бэйэтиттэн көстүбэти, атын сиргэ баары, буолары ыйарыгар туттуллар

Нууччалыы Употребляется, когда говорящий указывает на происходящее или находящееся вне поля его зрения, в другом месте

  • Ол куоракка үлэлии сырыттаҕыҥ дии?
    Амма Аччыгыйа
  • Мин ону [хартыынаны] баран аҕалыам.
    С. Ефремов
  • Оо, ол тыаҕа, Улуу тыаҕа, Ол чуумпуга, айылҕаҕа Тиийбит киһи баар ини
    С. Данилов

4 аат тыл #

Урут буолбут, буола турар эбэтэр буолуохтаах кэми ыйарга туттуллар

Нууччалыы Употребляется при указании на уже прошедшее по времени или предстоящее действие

  • Ол хойут хайаан да иэстэбиллээх суол буолуо.
    Эрилик Эристиин
  • Ол турдаҕына саалар тыастара бытарыспахтаатылар.
    Н. Заболоцкай
  • Ол кэмҥэ кэргэниттэн кыыс оҕо төрөөбүт
    ХС

5 аат тыл #

Этиини күүһүрдэргэ, этиигэ тугу эмэ ордук чиҥэтэн этэргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется для усиления или подтверждения высказываемого

  • Ол төһөнү иэс көрдүүгүн?
    Н. Неустроев
  • Бүгүн ол Уйбаан уолу дэлби мөхтүм. Софр. Данилов. Эн кыра оҕо буолбатаххын, ону өйдүөх тустааххын
    С. Ефремов

6 этии #

Нууччалыы На протяжении всего этого, всё это время

Этиилэр

Ол айыыта онон көр айыы I

  • Сүөдэр халампааһын хаатын сүтэрбитэ, ол айыыта онон.
    Амма Аччыгыйа
  • Айанната турбут, ол айыыта онон, төннүбэтэх.
    Н. Босиков
Өссө холобурдар (2)
  • Кыыһа мааҕын оскуолаҕа барбыта, ол айыыта онон.
    Н. Заболоцкай
  • Ол былаһын тухары - ол кэм, буолар кэм устатыгар Ол былаһын тухары киһим биир да тылы саҥарбатаҕа. Ол дойду - анараа дойду диэн курдук (көр анараа). Эмээхсин өлөн баран, "ол дойдуга" хоолдьуга табатын миинэ сылдьыахтааҕын чахчы итэҕэйэр.
    Болот Боотур

Ол дойдуга аттан көр аттан II

Өлөргө эрэ тиэтэйбэппин, өтөрүнэн ол дойдуга аттанар санаа суох. Софр. Данилов. Ол дойдуну бул - өл.

Умереть.

  • Аадаҥ кэнниттэн аҕыйах сылынан Лэгиэн эмиэ ол дойдуну булбута.
    Күннүк Уурастыырап
  • Онон-манан кииримэ-тахсыма сөбүлээб. - була сатаан саҥарыма, хал оҥорума. Не испытывай моё терпение, не надоедай (просьбами, вопросами). Онон-манан киирбэтин-тахсыбатын, аны хонор хоноһотун мин аспынан аһатан хоннороору гыммыт дии. А. Софронов

7 этии #

Нууччалыы Несмотря на это (то)

  • Ону ол диэбэккэ - туох буоларын кэрэйбэккэ, туохтан да иҥнибэккэ Халгыйдар кыыстара Настаа, ону ол диэбэккэ, туоҕа да суох киһиэхэ кэргэн тахсыбыта.
    Н. Босиков
  • Тамара Петровна ыалдьыбыт этэ, ону ол диэбэккэ, оҕобун көрөн, Дьокуускайга ыыппыта. "Кыым". Др. -тюрк., тюрк. ол
II

8 #

ыан т

  • Мин ханна сир өтөбүн, ол!
    Амма Аччыгыйа
  • Ол халбаҥа суох таптал диэн эн тугу этэҕин?
    С. Ефремов
  • Бу суолта ардыгар мөлтөтүллэн, ыйытыыны эҕэн чуолкайдыыр, күүһүрдэр дэгэттэнэр. Θ Данное значение иногда наделяется оттенком выделения и усиления вопроса. Ол тоҕо дьадаҥылары эрэ түмэбит?
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Ону мин хайдах өтө көрөбүн?
    В. Яковлев
  • Ол ханнык Ньукулайый?
    М. Доҕордуурап

9 #

саҥарааччы этиллибиккэ утарсар, сөбүлэспэт сыһыанын күүһүрдэн көрдөрөр

Нууччалыы Выражает и усиливает возражение, несогласие, отрицательное отношение к содержанию высказывания

«О» буукуба