ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оллоон

аат тыл

Нууччалыы олдон

1 аат тыл #

Отууга кутаа уотугар чэйи, күөһү иилэн оргутарга анаан сиргэ өкөччү батары анньыллыбыт эбэтэр икки атахха сытыары ууруллубут ураҕас

Нууччалыы Олдон (шест для подвешивания котлов, чайников над костром; специальное приспособление для подвешивания котлов, чайников над огнем)

  • Микиитэ кыра мас тобоҕунан уот оттон, уулаах солуурчаҕы оллооҥҥо ииллэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Улахан кутаа онно хараара сытара уонна уоттан кэриэрбит оллоон турара.
    Далан
  • Уокка хатыҥ оллооҥҥо дьэс чаанньык кыынньа турар
    Күндэ

2 этии #

Нууччалыы Закидывать ногу на ногу (сидя)

  • Оллоон кэбис - олорон эрэ биир атаххын атын атаҕыҥ үрдүгэр уур Киһи оллоон кэбиһэн, сото тардыстан, чинэччи туттан, нөҥүө өһүө баһын көрөн хантаарыҥнаата.
    Болот Боотур
  • Оҕонньор -- Уотун иннигэр лэкээ уурунна, Уҥа атаҕынан Оллоон кэбистэ, Хоппо ытыһынан Кулгаах баттанна, Кэрдиис хабарҕатын дабатан Кэпсээн-кэҕийэн киирдэ.
    С. Васильев
  • Ср. эвенк. оллон ‘крюк для подвешивания котлов’

«О» буукуба