ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кытаҕас

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы большие кузнечные клещи

1 аат тыл #

Уһанарга итии тимири туттарар улахан ытарча

Нууччалыы Большие кузнечные клещи

  • Эн билигин кинини тимир кытаҕаһынан даҕаны тардан, кыыстан араарыа суох курдуккун.
    Н. Заболоцкай
  • Мэхээлэ оҕонньор кытаҕаһынан тимири кытара кыыһар чоххо угар.
    В. Миронов
  • Уус тутан турар кытаҕаһын илиитин таһынан эһэн кэбиспитэ
    И. Никифоров

2 даҕааһын #

суолт. Туппутун ыһыктыбат, күүстээх

Нууччалыы Öепкий, сильный. Үлэҕэ хаппыт кытаҕас илиилэр киэҥ-киэҥник далайан киирэн бардылар

  • Кымырдаҕаһа аҕыйаатаҕына [эһэ] кыһыытыгар кытаҕас баппаҕайынан -- төҥүргэһи тоҕута тыытан, түөрүтэ тардан кэбиһэр. ПАК АаТХ. Тоҥ иҥиирдээхтэр, кытаҕас тарбахтаахтар мас тардыһыытыгар күүстэрин холостулар
    Кыым
  • Бэйэтигэр барыстааҕы, туһалааҕы таах аһарбат. Θ Тот, кто своего не упустит; хваткий, сноровистый. [Харыалап Тарбыыкыҥҥа] - Эмээхсин да кытаҕас киһи буолуо ээ, билбит эрэ буоллар, "сап" гыныах киһи.
    А. Сыромятникова
  • Ср. др. -тюрк. хышхач; хак. хысхыс; каракалп. кышкаш 'клещи, щипцы'

3 этии #

Кытаҕас илии - ороскуотурарын сөбүлээбэт, иҥсэлээх Ол иһин даа, эн киһи, кытаҕас илии, ама тугу эмэ ыһыктыах бэйэлээх буолуоҥ дуо?! Л. Попов

Нууччалыы Скупой, прижимистый

«К» буукуба