Перевод с якутского
дьилэй
даҕааһын
Нууччалыы не имеющий просвета, сплошной, цельный
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
даҕ
Суорба хайа сирэйиттэн суоруна, буруус буолар дьилэй тааһы логлорутан ылан, баллырдаан баран, уунан өрө уһааран аҕалан, кыһыны быһа дьиэлэригэр суоруна тааһа, чочу, буруус оҥортууллара. Болот Боотур Үүттүүр коронкалар буруолуу-буруолуу дьилэй дэриэспэни дьөлө ытыйаллара. Онно кэлин динамиты угаллара уонна дэлби тэптэрэллэрэ. И. Данилов Ол күһүн сир харатыгар -- Тоҥ буору, Дьилэй буору, Сэниэтэ суох хойгуолар, Хара суор тумса буоланнар, Хаһа турбуттара Н. Босиков
2 даҕааһын #
Ханан да быыһа-хайаҕаһа суох, биир күдьүс, бүтэй; ньыгыл, чиҥ
Нууччалыы Не имеющий просвета, сплошной, цельный; твердый, монолитный
3 даҕааһын #
Чэгиэн, чиргэл, туох да дьиэгэ суох
Нууччалыы Здоровый, крепкий, нормальный, без каких-л. изъянов
Сааһын тухары ким даҕаны сиирэ охсон симэһин таһаарбатах, хайа анньан хаан оҕуолаппатах, дьик гыммат дьилэй куҥнаах оҕонньор Болот Боотур
4 даҕааһын #
Кыраҕа кыһаллыбат, дьиппиэн
Нууччалыы Невозмутимый
Сардаана кыраҕа долгуйбат холку, бэл соччо саарыыры, санаа оонньуура, бутуллара диэни билбэт чиҥ куттаах дьилэй киһи этэ
Н. Лугинов
5 этии #
Нууччалыы Скупой, жадный
Этиилэр
Дьилэй дабархай сүүрбэт киһитэ
кэччэгэй киһи, киниттэн киһи тугу да көрдөөн ылбат киһитэ Соотв.
Зимой снегу не выпросишь
6 этии #
Нууччалыы По старинным поверьям якутов, человек физически и духовно крепкий, с твердой психикой, не способный к видениям. – Ити биир кыыс кэлэн турар, этэ аһаҕас баҕайы эбит, оттон эрэ, муос курдук, дьилэй эттээх-сииннээх, букатын атын күтүр эбит
Дьилэй эттээх (куҥнаах, эттээх-сииннээх, эттээх-хааннаах) – 1) эргэр. Урукку өйдөбүлүнэн, абааһыны, иччини көрүгэһэ суох чэгиэн, бүтэй эттээх-хааннаах А. Сыромятникова; 2) көсп. Түҥкэтэх; сайдыыта суох, тугу да билбэт-көрбөт, өйдөөбөт. Θ Замкнутый, нелюдимый; неразвитой, невежественный. Самналлыбыт балаҕаҥҥа Сабылыннар да, саха Олус оннук "дьилэй куҥнаах" Омук муҥнаах буолбатаҕа. Күннүк Уурастыырап "Чэ, тугу да диэ! Дьилэй эттээх сордооххун! Тимиргэ да, эйиэхэ да эппит син биир!" [диир дьахтар эригэр]. Р. Баҕатаайыскай