ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьиппиэн

даҕааһын

Нууччалыы невозмутимый, сдержанный, непроницаемый, суровый

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Кинини киһиэхэ иннин биэрэрин сөбүлээбэт, бэйэтэ дьаһайарын ордорор, дьэбир, дьиппиэн киһи дииллэр. Софр. Данилов. Шарлотта онно [кэргэнин сыһыаныгар] соччо суолта биэрбэккэ кыһанара – саха сахата өтөн, дьиппиэн, мэнээк өрүкүйүгэһэ суох ини дии саныыра.
    Болот Боотур
  • Ис санаатын киһиэхэ мээнэ биллэрээччитэ суох, дьиппиэн майгылаах – кырдьаҕас киһи туохтан үөһэ тыыммытын Сергей хантан билиэ баарай?
    В. Яковлев

2 даҕааһын #

ан да ымыттыбат, долгуйа охсубат, кытаанах майгылаах, ыар-нүһэр

Нууччалыы Невозмутимый, сдержанный, непроницаемый, суровый

3 даҕааһын #

Киһи сүрүн-кутун баттыыр, ньыгыл, сүдү, бигэ-таҕа модороон көрүҥнээх

Нууччалыы Массивный, громадный; мрачный, действующий подавляюще. [Берлин] аан дойду норуоттарын кулут гынар кудьумньулаах сидьиҥ былаан иитиэхтэнэн тахсыбыт, уруккута көстөр дьүһүннүүн да дьиппиэн, тыйыс, кырдьык да, аба-сата этиҥэ сааллыан сөп куората этэ

  • Мин көҥүл тойугум дорҕооно Эһиги тоҥ хорооҥҥутун буларыныы, Таптал, доҕордуу санаа тиийиэҕэ Эһиги дьиппиэн хаайыыгыт түгэҕэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Хоту дьиппиэн хайалары, Муустаах, хаардаах куйаардары Биһи дьоммут баһылаата, Олох күүскэ хардыылаата
    А. Бэрияк

4 даҕааһын #

Кытаанах, ыар, нүһэр

Нууччалыы Убедительный, веский, суровый, жесткий

  • Кини [Сметанин] "Саллаат сүрэҕэ" диэн кинигэтигэр бэчээттэммит кэмчи, дьиппиэн тыллардаах хоһоонноруттан бу сэбиэскэй саха буойун тыйыс мөссүөнэ, кини сырдык дууһата – ырылыччы көстөн кэлэр. Софр. Данилов. Манна герой ревкомовец батталы түҥнэрэр иһин охсуһуута, – кэлэр кыайыыга бигэ эрэлэ бүтүннүүтэ өйтөн-сүрэхтэн умнуллубат тыйыс, дьиппиэн, өргөстөөх тылларынан ойууланар
    ХС

«ДЬ» буукуба