Перевод с якутского
һык
Нууччалыы выражает сдержанный смех
1 #
саҥа алл. Сэрэнэ соҕус күлэн ылыыны көрдөрөр
Нууччалыы Выражает сдержанный смех
Ыйаастыгас соҕус кэрэ харахтара эйэҕэстик мичээрдииллэр, -- ньолбоҕор сирэйэ өссө уһуу түһээт, кылгастык һы-һык диэн күлэн кэбиһэр. Амма Аччыгыйа Бары һык диэн күлэн иһэн, тардынан курус гыналлар, улаханнык бэркиһээн чыпчырыналлар А. Сыромятникова Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуга суох, бэйэ өйдөөбөтүнэн тахсар саҥа дорҕооно (хол., тыбыырдахха, оһоллонноххо, бэйэҥ бэйэҕиттэн соһуйдаххына уо. д. а.). Θ Выражает непроизвольный звук (напр., издаваемый при чихании, фыркании, травме, неожиданности своего поступка и т. д.). Гурьянов үөрэн "ураа" диэн хаһыытаата, онтон эмискэччи "һык" диэтэ. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Мин уһуктан үөһээ оронтон оҕонньору көрө сытан, кини сүүһүн мырчыстаҕастарын итинник холур соҕустук холоон баран, "һык" диэтим А. Фёдоров
2 этии #
Нууччалыы Внезапно замолкнуть или замереть от неожиданности, увиденного (услышанного). – Онно эн саҕалар бааллар ини -- Миша ити тыллартан һык гына түспүтэ
Этиилэр
Һык гын
соһуйа көр (иһит), соһуччута бэрдиттэн ах бэрдэр, ах гын Н.
Лугинов. Ол эрээри, сото кэбиспит атаҕын лоппоҕор тобугун үрдүгэр дьалайбаттык ууран, паапканы нэлэччи аһан ааҕа олорон һык гына түспүтэ. П. Аввакумов Тилэхтэрин туппаҕалаан көрөн һык гынан баран, сирэйин ырдьаччы туттан ылла. Н. Заболоцкай