Перевод с якутского
таҥнары
Нууччалыы по направлению к низу
Ис хоһооно · 6
1 #
сыһ
Бастакы киһи тааһы таҥнары сүүрэн түргэнник түһэр, иккиһэ бытааннык түһэн, киниттэн быстан хаалар. Саха фольк Илиибин быластаабытынан халдьаайыны таҥнары сүүрэр этим. Амма Аччыгыйа Очурдарга охсулла-охсулла, сыыры таҥнары сырылаан түһэн истим Т. Сметанин
Өссө холобурдар (3)
Үөһэттэн аллара диэки (хол., көр, өҥөй). Θ Сверху вниз (напр., смотреть, заглядывать). Анарааҥҥыта үөһэттэн таҥнары көрөн түһэрдэ. Амма Аччыгыйа Аркадий Дмитриевич тугу эрэ толкуйдуурдуу, көҥүһү таҥнары өҥөйөн, сөҥөн олордо. М. Доҕордуурап Үөһэттэн таҥнары көрдөххө киһи быыкаа буолан көстөр И. Данилов
2 #
Үрдүк сиртэн аллара, намыһах өттүн диэки (бар, түс)
Нууччалыы По направлению к низу (идти, спускаться)
3 #
Аллараа диэки, үрэх өрүс сүүрүгүн хоту
Нууччалыы Вниз, по течению речки, реки
Оҥочону биһиги эргийэ хаама сылдьан хайҕаан-хайҕаан бараммыт, олорон сүүрүгү таҥнары уһуннубут. Амма Аччыгыйа Арай Өймөкөөн суолун диэкиттэн соҕотох айан киһитэ түргэн соҕустук үрэҕи таҥнары хаамтаран күлүкүчүтэн иһэр эбит. Н. Заболоцкай Лоҥкууданы таҥнары үс аттаах киһи сиэллэрэн тилигирэтэн иһэллэр М. Доҕордуурап
4 #
Үөһэ өттүн аллара гына, түҥнэри (тутан)
Нууччалыы Вверх дном, так, чтобы верхняя часть чего-л. оказалась внизу
Оноҕочоон-Чоохоон удаҕаны симиирдээх кымыска төбөтүнэн таҥнары уган кэбиһэр. Саха фольк Саабылаан батаһы таҥнары тайахтанна.
П. ОйуунускайНадзирателлэр мөһөөччүгү ылан, остуолга таҥнары сүөкээтилэр П. Филиппов
5 #
Сөп өттүнэн буолбакка, төттөрү өттүнэн (гын, оҥор)
Нууччалыы Противоположно тому, что нужно или что ожидалось, наоборот (делать что-л.)
Наар таҥнары оҥорор. Ол үөрэнэргин тоҕо, дьэ, миэхэ эппэтиҥ? Ама мин таҥнары сүбэлиэм этэ дуо? С. Ефремов Мин хара айыылаах, хараҥа буруйдаах киһибин, дьон булкуйаннар, таҥнары ытыйаннар бандьыыттыы сылдьыбытым. И. Бочкарёв
Өссө холобурдар (1)
Уоһук куһаҕаннык саныыр, аанньа өҥөлөспөт киһини түүлүн таҥнары тойонноон биэрэр үһү. БРИ ТТ
6 этии #
Нууччалыы Становиться хуже чем раньше, ухудшаться (напр., об уровне жизни)
Этиилэр
Таҥнары бар (түс)
уруккутааҕар куһаҕан буол, төттөрү түс (хол.
, олох таһыма, сайдыыта) Көрдөрүүбүт былырыыҥҥытааҕар таҥнары түспүт. Уобалас сэбиэтэ былааһы ылыаҕыттан ыла, Дьокуускай куорат үлэлээн иитиллээччилэрин олохторо күн ахсын таҥнары барбыта. ХС
Таҥнары баттаа (миин)
1) кими эмэ көлөһүннээ, баттаа-атаҕастаа, көҥүлүн хааччахтаа.
Угнетать, притеснять, эксплуатировать кого-л.
Хамначчыт дьахталлары бэйэлэрин баай хотуттара таҥнары баттаан олороллор. "ХС"; 2) киһи санаатын эбии ыарат, дууһатын эрэйдээ. Мучить, отягощать сознание, душу. Бэрт элбэҕи этэн уһуутаата Бүүчээн оҕонньор. Буруйдаах Мэхээлэ ол хабыр тылларга таҥнары баттатан, ыгылла-ыгылла умса ньүрүйэн истэ. Амма Аччыгыйа Түүн аанньа утуйбакка эрэйдэнним. Санаа бөҕө таҥнары миинэр.
Н. Лугинов
Таҥнары тарт
туох эмэ сайдыытын, үчүгэй буолуоҕун харгыстаа, төттөрүтүн оҥор.
Препятствовать, мешать чему-л; задерживать, не допускать чего-л.
Эһиги үүнэргитин мин таҥнары тардар үһүбүн. Дьүөгэ Ааныстыырап