Перевод с якутского
былдьас
аат тыл
Нууччалыы идти безостановочно вперед
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Инниҥ диэки сууххайдык дьулуурдаахтык бар (баран иһэр хайысхаҕынан эбэтэр туох эмэ соруктаах)
Нууччалыы Идти безостановочно вперед (по направлению следования или в сторону чего-л. с определенной целью)
былдьаа диэнтэн холб. туһ. Тус-туспа бөлөх бандьыыттар иҥниһэ түһэн бараннар, халаабыт үптэрин былдьаһан, арыт бэйэлэрэ кыргыһан кумахтаһан кэбиһэллэр. Амма Аччыгыйа Сүбэлэһэн буолумуна, бииргэ дьукаах олорор дьон ол эмиэ туохпутун былдьаһан этиһэр, охсуһар үһүбүөт. М. Доҕордуурап Мииккэ сир былдьаһар үһү, Кыталыктаах саамай көнө хоҥсуурун ылаары гынара буолуо. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (4)
Сииктээх, чэҥнээх хотонтон Тымныыга тахсан аһаан, Сиидэ курдук оҕустарбыт Тыһаҕастар, борооннор Игээннэрэ тачыгыраан; Иһирдьэни былдьастылар. Күннүк Уурастыырап Суолга тахсаат, ынах көрдөөччүлэр туох да бокуойа суох дьиэлэрин былдьастылар. Н. Заболоцкай Тымныы ууга баҕаран, тамаҕым хатан утаттым. Оттуур сирбин быраҕан, Отуум диэки былдьастым. Р. Баҕатаайыскай Көмүс күнүм санньыйа Киирэр сирин былдьаста, Маайа ынах хамыйа Барар кэмэ уолдьаста С. Данилов
2 аат тыл #
ан эмэ куттанан, сэрэнэн эрдэтинэ куот
Нууччалыы Бежать, убегать, уносить ноги (пока не поздно)
Лөгүөнтэй төҥкөйөн, ньыхайан тыаны былдьаста. Хараҥа ойуур иһигэр саһан хаалла. В. Протодьяконов Үрүҥнэр саба түһүүттэн уолуйан хааллылар, дьиэ кэннинээҕи тыаны былдьастылар. П. Филиппов Тугу да ылар, өйдүүр бокуойа суох Оппоос дурдатын аанын былдьаста. “ ХС
3 аат тыл #
Тугу эмэ түргэнник, урут оҥоро, этэ охсорго дьулус
Нууччалыы Стремиться сделать или сказать что-л. раньше других
Ээ, түксү! Хантан буллараары гынаҕын, инньэ диэн уора барыам дуо?! - Миитэрэй ситэ этиппэккэ былдьаһан саҥарда. Амма Аччыгыйа Кытыыны булаат, сыыр аннын диэки былдьастыбыт. ПДА СС
4 этии #
Нууччалыы Соперничать в известности с кем-л.; стараться любой ценой быть лучше
Этиилэр
Лугинов; 2) көр бэрт былдьас
Күн сирин күүстээҕин кытта Күрэс былдьаһар одун санаабын, Мөккүөр бөҕөбүн мөлтөппөппүн, Мөккүөр бөҕөнү төннөрбөппүн! П. Ойуунускай. Сүһүөҕүн былдьаһан - тэмтэрийэн баран, охтумаары, туруйалаан ыл эбэтэр куһаҕан суолга (килэҥ мууска, туруору сыырга о. д. а.) бэдьэйэн хаамп, сүүр.
Споткнувшись или поскользнувшись, чтобы не упасть, быстро перебирать ногами или на плохой дороге (гололед, крутой спуск и т. п.) ходить, бегать короткими шажками.
Маннык кутталлаах сиргэ аты сиэтэн киирэр эбии кутталлаах - ат сүһүөҕүн былдьаһан, иннин диэки өрө батыччахтаан иһэн, үрдүгүнэн ааһыан сөп. Н. Заболоцкай Тутуу былдьас - тугу эмэ ким эмэ иннигэр урут оҥорорго дьулус. Стремиться сделать что-л. раньше кого-л. Сүүйтэриигэ барбыт сүөһү сонно өлөр. Сүүйбүт дьон сүүйтэрбит киһи кэргэттэрэ үҥсэннэр төттөрү ылыахтара диэн тутуу былдьастахпыт диэн өлөрөн сиэн-аһаан иһэллэр. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (7)
Билигин арай эн биһикки эрэ итини оҥорорго [Бадаайкыны өлөрөн баайын халыырга] бэрт тоҕоостоох сиргэ сылдьабыт. Ол да иһин уһаппакка-кэҥэппэккэ тутуу былдьаһарбыт наада. Д. Таас Арай Саха сирэ Япония дуу, Америка дуу адьырҕаларын тыҥырахтарыгар киирдин? Кинилэр Саха сирин баайын-дуолун тутуу былдьаһан супту уулуох этилэр. И. Гоголев Тыынын (тыыҥҥын) былдьаһар - 1) ыарахан ыарыыттан, бааһырыыттан өйө суох сыт. Лежать от тяжелой болезни, ранения без сознания, чувств. Тугу да билбэккэ тыын былдьаһан эппэҥнии сытар Калмыковка укол оҥоро, хаан кута сылдьар икки луохтуур туора киһи олорорун өйдөөн да көрбөттөр. Амма Аччыгыйа Бэһис палатаҕа Степанов сордоох билиҥҥэ диэри өйдөнө илик. Иһиллибэт гына тугу эрэ баллыгырыыр, хаһыытыыр, тыынын былдьаһан өрө мөхсөр. Н. Лугинов; 2) өлөөрү сыт, өлөн бар, өлөөрү мөҕүс. Умирать, биться в предсмертной агонии. Кини [Давыдов] өйүн сүтэрэ-сүтэрэ тыынын былдьаһан, кэдэйдэр кэдэйэн, тиэрэ кэлэн түстэ.
М. ШолоховТыынын былдьаһан түүн үөһэ Оҕо кулуннуу мөхсөр. Ийэ ыксаабыт сүрэҕэр ыар санаа сөрөнөр. П. Тулааһынап; 3) кими эмэ утары, тыыннаах хаалар туһугар, өлөрү кэрэйбэккэ охсус. Бороться против кого-л., не щадя себя, чтоб остаться в живых. Тыын былдьаһар сахха Тыҥырахтаах эмиэ үчүгэй буолара, Турута харбаһар сахха Тумустаах эмиэ үчүгэй буолара.
П. ОйуунускайХаардаах тибиилээх буурҕа киһи уонна кыыл тыыннарын былдьаспыт суолларын-иистэрин, хааннарын бүүс-бүтүннүү мэлдьэһэн, сууйан-сотон кэбиспит этэ. Н. Заболоцкай; 4) өлөр өлүүттэн нэһиилэ төлө көт. Еле вырваться из неминуемой гибели. Аана хайдах тыыннаах хаалбытын уонна бандьыыттар барбыттарын кыайан өйдөөбөккө, ол тыын былдьаһан мөхсөн тахсыбыт сиригэр дөйөн олорбута. Н. Заболоцкай [Артемьев] Аҕыйах хонон баран Абаҕа пионердарын утары сэриилэһэн кыайтарбыт, онтон кэннин да хайыһан көрүнэр түгэнэ суох тыынын былдьаһан куоппут. А. Бэрияк