ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

умсары

Нууччалыы по направлению сверху вниз, лицом вниз

Ис хоһооно · 5

1 #

сыһ

  • Арбаҕар бараан бэргэһэни умсары кэппит, саалаах, икки бартыбыаллаах киһи ойон киирэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьөгүөссэни окумалыттан харбаан ылла, сиргэ аҕыйахтык үктэннэрэн, дьиэҕэ умсары аста.
    М. Доҕордуурап
  • Давыдов умуллубут бөппүрүөскэ умнаһын имитэр, умсары көрөр, өр саҥарбат. М. Шолохов (тылб.)

2 #

Сир, аллара диэки буолар гына

Нууччалыы По направлению сверху вниз, лицом вниз

3 #

Аһаҕас өттүгүнэн саба, түҥнэһиннэри (уур)

Нууччалыы Вверх дном, в опрокинутом виде

  • Умсары ууруллубут уһаат бөҕө кэчигирээбит

4 #

Кими эмэ баһыйан, утарылаһар да кыах биэрбэккэ (сабырый, кыдый, суох оҥор)

Нууччалыы Подчинив своей воле, безжалостно

  • Фашист удурҕаччы аармыйатын умсары көтөн, Гитлер ордуутун үлтү тиҥилэхтээбит киһи-аймах өрөгөйдөөх күнэ тахсыаҕа.
    Амма Аччыгыйа
  • Сэмэн эмиэ доруобай киһи этэ. Атыттар эмиэ оннуктара. "Билигин тойоттору-баайдары умсары көрдөрөр көҥүлбүтүн ылан эрэбит диэххэ сөп", – диэтэ Александр
    М. Доҕордуурап

5 этии #

Умсары миин - умса миин диэн курдук көр умса. Олору барыларын батталлаах баай кылааһа умсары миинэн олорор. Бэс Дьарааһын. Умсары уур - умса уур диэн курдук көр умса. Дьөгүөссэҕэ тиийэн уу иһэртэ. Тукаам, биллиҥ дуо, кимнээх умсары ууран барбыттарый? – Байбал Дыгдаалап, – диэтэ нэһиилэ. М. Доҕордуурап.

Нууччалыы Зловредный, упрямый, поступающий по-своему, вопреки необходимости и здравому смыслу. [Ньургун Боотур] Өлөрсөн арахсар Өһөс майгылаах, Умсары чабырҕайдаах, Оһолу көрдөспүт Оҕо буолуох этэ

Этиилэр

Умсары чабырҕайдаах

куһаҕан санаалаах, өһөс майгылаах П.

  • Ойуунускай. [Мин уолум] ол гынан баран бэрт өһөс дьүһүннээх, бэрт умсары чабырҕайдаах, бэрт түҥнэри майгыннаах киһи буолуо. Саха фольк

«У» буукуба