Перевод с якутского
киҥ
аат тыл
Нууччалыы гнев
English anger
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы гнев
English anger
Куттаныы киҥҥэ тириэрдиэҕэ. Страх ведёт к гневу.Fear leads to anger. Киҥ өскө тириэрдиэҕэ. Гнев ведёт к ненависти.Anger leads to hate.
2 аат тыл #
Уор-кылын, ис-иһиттэн уохтаах кыыһырыы; ис-иһиттэн кыыһырымтаҕай, куһаҕан, өһүргэс майгы
Нууччалыы Ярость, злость, гнев
Ээ, дьэ киҥ да баар кырдьаҕаһа! Амма Аччыгыйа Киҥэ тугунан диэлийэр Р. Баҕатаайыскай
3 аат тыл #
Быһыы-майгы, майгы-сигили; бэрээдэк
Нууччалыы Характер, нрав; поведение. Үтүө киҥ
ПЭК СЯЯ. Куһаҕан киҥнээх аҕабыыт дөйүҥү Сыҕаайап кинээс аньыытын этитэр. Амма Аччыгыйа Баай Капитонов наһаа бардам, куһаҕан киҥнээх, таһыырдаах киһи этэ. М. Доҕордуурап Ср. др. -тюрк. хыҥ ‘враждебный, злобный, злой (о взгляде’; тур. кин ‘ненависть, вражда, месть’
4 этии #
Нууччалыы Чрезмерно раздражительный
Киҥин сиэппит - олус кыраттан да кыыһырар-тымтар Кэргэн дьахтар -- киҥин сиэппит баҕайы.
М. ГорькайКиҥҥин ыкка сиэт - сиэри таһынан кыыһырымтаҕай буол. Θ Быть чрезмерно раздражительным, гневливым. [Эмээхсин] киҥин ыкка сиэппит. БТТ. Киҥ хаата - наһаа киҥнээх киһи. Θ Чрезмерно вспыльчивый, гневливый человек. Киҥ хаатыттан аанньа киһи тахсыа суохтаах. ПФ ДьИУ. Киҥэ алдьанар - улаханнык кыыһырар, куһаҕан майгыланар. Θ Гневаться, раздражаться. Туоскун киҥэ биллэ алдьанан барда. Софр. Данилов. Эриҥ кымньыытын суохтааҥҥын, киҥиҥ алдьанар буоллаҕа дии.
Ч. АйтматовКиҥэ киирдэ - кыыһыран-тымтан турда. Θ Разгневаться, разозлиться. Тойоммут эмиэ киҥэ киирбит, сэрэниҥ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
Хобороос, киҥэ киирэн, -- кыыһы баттахтаабыта. А. Сыромятникова Киҥэ холлор - бүтэйдии кыыһырар-тымтар; кыыһыран оргуйар. Θ Быть охваченным глухой яростью; кипеть гневом, злостью. Эһэ киҥэ холунна.
Суорун ОмоллоонМарба киҥэ холлон олорор.
КүндэЫт киҥэ киҥнээх - сиэрэ суох кыыһырымтаҕай. Θ Чрезмерно раздражительный; яростный. Баай аймах бүтүннүүлэрэ ыт киҥэ киҥнээх буолаллар. М. Доҕордуурап
5 #
тыаһы үт. т. Чуолкайа суохтук, бүтэҥитик диэрийэн иһиллэр тыас
Нууччалыы Звякающий с низким глухим раскатом звук. [Куба] Хоҥ-куҥ, киҥ-клии, Доҕоруом, кэлиий нии
[Чуораанчык тыаһа] "киҥ-киҥ-киҥ". Н. Тарабукин (тылб.)