ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уор

туохтуур, аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы красть

English to steal; steal

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы красть

English to steal; steal

  • харчыны уор
    украсть деньгиto steal money
I

2 туохтуур #

Бэйэҥ киэнэ буолбатаҕы кимтэн да ыйыппакка эрэ ыл

Нууччалыы Совершать кражу, воровать, красть

  • Маҥан Киргиэлэй биэтин хара Киргиэлэй уоран сиэбит үһү (тааб.: тоҥсоҕой үөннээн сиирэ). Биир уол биэстээх алтан харчыны уоран баран, амтаһыйан уордар-уоран испит.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол киһи бу сиргэ үктэммит Бардамнык байаары, Былыргы оҥоһук дьиктитин Уораары, талаары.
    С. Данилов
  • Саха уорарын саатыргыыр, Суобаһа буолбат, айыыргыыр
    Дьуон Дьаҥылы
II

3 аат тыл #

Ким эмэ кыыһырар уоҕа, киҥэ

Нууччалыы Гнев, ярость, негодование

  • Кыра аайыттан Кыыһыран тымтан барар, Утаабакка уора ааһан, Оонньоон-күлэн турар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Лурье кыыһырбыт уоругар илиитин мускуна-мускуна, бүөлүүрдүү ааны туора турда.
    Болот Боотур
  • Көмүө суоҕа ким да өһө, Уйуом ааргы хобун, Уйуом суоҕа арай өһөс, Хорсун бэйэм норуот уорун.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Ураты күүскэ таптыыр буолан, Оҕонньор сиэнин таһыйбыт, Уора ааһаат, улам уйадыйан, Устунан бэйэтэ ытамньыйбыт
    П. Тобуруокап

4 аат тыл #

Туох эмэ дохсун, дьулусхан, киһини дьулатар күүһэ (холл., тымныыны этэргэ)

Нууччалыы Суровость, свирепость, жестокость чего-л. (напр., холодов, морозов)

  • Амма куурбут долгуна тохтоон, Уора уостан, оргууй уста, Күөх урсуна күлүмнүү оонньоон, Биэрэктэрин бигии сытта. Дьуон Дьаҥылы. Олох тыллар ыйааҕынан Одун тымныы уорун кыйдаан -- Сандал сааспыт кэлэ турдун!
    Д. Апросимов
  • [Үрүҥ эһэ оҕото] Буурҕа, силлиэ уоруттан Букатын да толлубат.
    А. Кондратьев
  • Кэлэн иһэр кыһын уоруттан күрэнэн, төннүгэс көтөрдөр тохтоло суох соҕуруу субуһаллара. “
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Тээгэл тымныы тэйдэ, Уор дьыбар уларыйда, Хатан дьыбар халтарыйда.
    Саха фольк
  • Уот баар буолан, саха дьоно Уор тымныы тыынын уйаллар. Эллэй. Муора уор долгуна эҥсэрэ Хахаарар хаһыыттан уһуктан. Р. Гамзатов (тылб.)

5 даҕааһын #

суолт. Киһини дьулатар, салыннарар

Нууччалыы Суровый, жестокий, лютый

6 этии #

Этиилэр

Уорда намырый, уоһахта салаа, уҥуохта көмүллээ көр салаа I

  • [Сабыйа Баай хотун:] Улуу күтүөр, тохтоо – болҕой! Уорда намырыйа түс. Омук үтүөтэ баарына Ол-бу буола олорума.
    П. Ойуунускай
  • [Өлүөнэ – Муустаах муораҕа:] Уорда намырый даа, Улуу муора хотуон, Уһугар диэри иһит! Өксөкүлээх Өлөксөй

«У» буукуба