ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уоп-чуоп

Нууччалыы негромко, активно шевеля губами

1 #

сыһ

  • Уон иккилээх-үстээх оҕо Уоп-чуоп чаҕаара, Олоҥхолуу олордоҕо Тугун бэрдэй, чуопчааран!
    С. Тимофеев
  • – Уоп-чуоп салбаныҥ, оччоҕо үлэҕит түргэтиэ, – диэтэ Николай.
    А. Сыромятникова
  • [Ньиэмэстэр] ити уоп-чуоп аһыы олордохторуна, саба сүүрдэн киирэн ыстаал ардаҕынан тибиирбит киһи баар ини. “
    ХС

2 #

Аргыый аҕай, уоскун-тиискин хамсатан, улахан тыаһы-ууһу таһаарбакка (саҥар)

Нууччалыы Негромко, активно шевеля губами

3 #

Кылап-халап, куттаммыттыы, симик соҕустук (көр)

Нууччалыы Испуганно, растерянно, часто меняя направление взгляда (смотреть)

  • Уһуктан өйдүөн көрдүлэр, Уоп-чуоп көрө сыттылар, Уоку-суоку Одуулуу сыттылар.
    Д. Говоров
  • [Оҕолор] уоп-чуоп, оҥой-соҥой көрдүлэр, ийэлэрин илиитин кэтэстилэр.
    М. Тимофеев
  • Уҥа өттүбэр Уоп-чуоп көрбүт Уот чолбон харахтаахтарым! “
    Чолбон

«У» буукуба