ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уоп

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы брать в рот, набивать себе рот

I

1 туохтуур #

Айаххар төһө киирэринэн, батарынан тугу эмэ ыл, ук

Нууччалыы Брать в рот, набивать себе рот

  • Харамар хаары уоппут (өс хоһ.). Сүүс сымыыты биирдэ уобар баар үһү (тааб.: суоруна). Сылдьыбыт сыыһы булар, Сыппыт сыттыгы уобар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Суотчут -- хамсатын уоппутунан, туран төттөрү-таары хаамыталаата
    В. Чиряев

2 этии #

Этиилэр

Буору уоп көр буор

  • Уһун Уйбаан урут оҥорбут айыытын-харатын иһин буору уоппатаҕар баһыыба.
    И. Никифоров
  • Будулҕан буруо ортотуттан фашистар, бу барыс гына түһээт, мэлис гыналлар – буору уобаллар.
    С. Никифоров

Омурдун муҥунан уоп көр омурт II

  • Кыра уол омурдун муҥунан сакалаат уоппут
II

3 аат тыл #

Биир айахха угуу, биир ыстааһын ас

Нууччалыы Количество еды, помещающееся во рту, кусочек чего-л. на один раз, на один укус. [Куралай Кустук] бу ап-хомуһун дойдутугар хантан биир омурт айыы уутун, биир уоп айыы аһын булуой?!

  • Туох-ханнык иннинэ, уоп да ыстыылыга суох, арыгы иһэр дьон буоллубут. Багдарыын Сүлбэ. [Эмээхсин – уолугар:] Хайа сыа сиэҥ дуо, биир уобу? А. Твардовскай (тылб.)

«У» буукуба