ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

буор

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы почва; земля

English soil, earth

Ис хоһооно · 14

1 аат тыл #

Нууччалыы почва; земля

English soil, earth

  • буор сирэй
    бесстыжий, земляное лицоshameless

2 аат тыл #

Нууччалыы пыль

English dust

  • манна буору көтүтүмэ
    здесь нет пылиno dust here
  • буор босхо
    даром, за бесценокfree of charge, for a pittance

3 аат тыл #

Нууччалыы земля; почва; грязь; глина

English ground, soil, dirt, clay

  • буор маҥалай
    обжора, глиняное брюхоglutton

4 аат тыл #

1 аат

  • Кыыс Амма кытыллара нүөл кырсынан, уохтаах буорунан сураҕыраллар. Софр. Данилов. Чэйиҥ, чэйиҥ, чэкийдэр, Чиргэл буортан тирэнэн Тэйэн-тэбэн иһиэҕиҥ!
    С. Васильев
  • Өлүөнэ өрүс умнаһын буора оҕуруот аһа үүнэригэр олус табыгастаах. “
    ХС

5 аат тыл #

Үүнээйи үүнэр үрүт араҥата сир кырса

Нууччалыы Земля, верхний слой почвы

6 аат тыл #

Ууга мэһийдэххэ тиэстэ курдук буолар олус мээккэ буола бытарыйбыт хайа боруодата; туой

Нууччалыы Глина. Көһүйэ буорун үчүгэйдик эллэниэхтээх. Буор көһүйэҕэ көбүөр ытыйа турар Ааныс куттаммыттыы балаҕан түгэҕин диэки көрдө. Софр. Данилов. Дьадаҥы ыаллар күөл хомуһун маска тылбыйан тас өттүн буорунан сыбаан оҥостубут ыыспалара - ыраах ньахчарыһан олороллор. Эрилик Эристиин. Оһох буорун ылбыт омуһахха бэйэлэрэ оһох оҥостоллоро. Дьүөгэ Ааныстыырап

  • Кыараҕас муус түннүктэрдээх муосталаах ампаар дьиэ ортотугар турар буор оһох тыаһаан-ууһаан умайан лиҥкинээн барда.
    Эрилик Эристиин
  • Сайылык буор сыбахтаах балаҕаннара кыччаан, намтаан, күнүс көрбөтөх киһи манна ыал баар буолуо дуо диэх курдук, иҥэн-сүтэн, күл курдук боруһан, хаптаһан тураллар.
    Суорун Омоллоон
  • Туллай хоонньуттан үрүҥ таас иһиттээх хартыыһаны, эмиэ оннук иһиттээх биэрэһи, икки буор чааскыны, икки биилкэни уонна да элбэҕи хостоон таһаарда
    Н. Павлов

7 аат тыл #

Быыл, суол быыла

Нууччалыы Пыль. Утарыта иһэр массыыналар күдэн буору икки өттүнэн субуйа тардан аҕалан холбуу охсоот, аасыһа турдулар. Амма Аччыгыйа. Уулусса кубус-кураанах, арай дөрүн-дөрүн сиккиэр тыал суол буорун, бөҕү-сыыһы өрүкүтэн ааһар. Софр. Данилов. Тойон тумул хоонньуттан, Туман буору өрүкүтэн, Тоҕус ыҥыыр аттаах дьон Тоҕо ааҥнаан таҕыстылар. Күннүк Уурастыырап

8 аат тыл #

Дойду, сир, төрөөбүт дойду

Нууччалыы Страна, родина, родной край

  • Килбиэн күммүт анныгар Ким барыта сүүһүн туоллун, Орто буортан барарыгар Оҕото хос сиэннээх буоллун.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тиэтэй, буойун, Төрүт буоргун көмүскээ, Тиэрэ кэбэн, турбаттык Түөкүннэри түҥнэртээ!
    А. Абаҕыыныскай
  • Дьэ диэ, бу төрөөбүт буортан ордук ахтылҕаннаах туох да суох
    А. Сыромятникова

9 аат тыл #

Нолуок төлүүр иһин бэриллэр ходуһа сир

Нууччалыы Земельный надел, выдаваемый обычно за уплату налога, ясака

  • Соҕотох Лиэп Буудап Арыылаах Алааһы бүтүннүү сабардыыр - Көр оттон Таҥхааһай оҕонньор Төһө өр буора суох сылдьарый?
    Эрилик Эристиин
  • [Одунча:] Киһи үс гыммыт биирэ тыыннааҕар буор сүкпэт, арай өллөҕүнэ эрэ икки арсыын буору сүгэр.
    Суорун Омоллоон
  • Инньэ эһэм-эбэм саҕаттан хоруонай буорбун тутан сылдьабын. Ону күн ыраахтааҕыга тиийэ үҥпүккүт иһин бэрдэриэ суоҕа диэн ыыра эрэнэбин
    М. Доҕордуурап

10 аат тыл #

харыс т. Киһи иинэ, киһи уҥуоҕа

Нууччалыы Могила. Мин өлүөм - дьүһүнүм сүтүөҕэ, Мин буорум отунан үүнүөҕэ. Кэриэһим - кэннибэр хааларым Кэхтибэт - кэрэкэ тылларым. П. Ойуунускай. Буорга үлэлиир сириҥ хаҥас диэки халдьаайыга буолуо, аҕам аах аттыларыгар. Н. Заболоцкай. Бу диэкинэн быһа охсон аастахпына, сиртэн нэһиилэ томтойон көстөр көтөҕө саппыт ытым, Нэктэлим, буоругар тохтоон ааһарым. Кэпсээннэр

11 даҕааһын #

суолт. Буору (туойу) мэһийэн, симэн оҥоһуллубут

Нууччалыы Глиняный, сделанный (состоящий) из глины

12 этии #

Нууччалыы Вор (букв. земляной рот - намек на то, что воры прятали мясо убитых животных в ямах)

  • Буор айах - түөкүн, уоруйах (кинилэр уорбут сүөһүлэрин кистииллэригэр буор буоларын иһин этэллэр) Буорга киир - өл, көмүлүн. Θ Умирать; ложиться в могилу. Ол эн ат бэлэхтээбит “быраатыҥ”, баҕар, буорга киирбитэ ырааппыта буолуо.
    ХС
  • Күлэр-үөрэр, сүбэ биэрэр Өрүү тыыннаах эдэри, Буорга да кииртин иннигэр, Өлбүт диэххэ түктэри.
    С. Данилов
  • Төһө да кылгаһым-кыараҕаһым иһин, биир иннэни-бүргэһи уорбакка буорга киирэр баҕалаахпын.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (21)
  • Буордаах эт - уоран өлөрүллүбүт сүөһү этэ. Θ Мясо ворованной скотины (букв. мясо с землей). Түүлээх уллуҥахтаах, Түүн сырыылаах, Сыалаах быһахтаах, Сул туос остуоллаах, Үөннээх эт сүгэһэрдээх, Буордаах эт аһылыктаах, Муҥутуур түөкүн аатырбыт Мин муҥнаах буоллаҕым.
    С. Зверев
  • Буор дьадаҥы - олус дьадаҥы. Θ Голодранец. Уйбаан аҕата, буор дьадаҥы киһи, эдэр сааһыгар өлбүтүн кэннэ, ийэтэ атын нэһилиэккэ эргэ баран хаалта.
    А. Софронов
  • Буор иһээччи - арыгыны эккирэтэн туран олус элбэхтик иһэр киһи, арыгылаан киһи аатыттан ааспыт киһи. Θ Беспробудный пьяница. Быһаас аахпыттара бөһүөлэккэ 33 буор иһээччи баар сурахтааҕа.
    Далан
  • Сорох үчүгэй дьахталлар оннооҕор адьас буор иһээччи буолан, киһи аатыттан ааспыт эрдэрин биэбэйдээн, сүүрэн-көтөн, сылаас - сымнаҕас тылларынан ааттаан, атаҕар туруоран дьон кэккэтигэр киллэрэллэр дии.
    ХС
  • Буор иһээччи билигин ыалы кэрийэн хонуктуур, көрсүбүт киһитин аайыттан "умналаан" арыгы иһэр. "Кыым". Буор маҥалай - олус моҥус, аһара аһанньаҥ, аһастаах. Θ Ненасытная утроба, обжора (букв. глиняное брюхо). Бу Буор маҥалай, Бурҕалдьы сото, Босхоҥноон сытан, Босхону аһаан, Буоратта буолбаат?! Эллэй. Киһилэр буолбатахтар - Кыыллары кытта кыратыахсыттар, үөннэри кытта үөхтэриэхситтэр, Буор маҥалайдар, Буос бээгэйдэр да бааллар эбит!
    П. Тобуруокап
  • Буор сахалар - тоҥус-маньчжур тыллаах норуоттар былыргы сахалары, сайыҥҥы балаҕаннарын буорунан сыбыылларын иһин итинник ааттыыллара. Θ “Земляные” якуты, т. е. якуты, которые летние юрты обмазывали глиной (так называли якутов тунгусо-маньчжурские народы). Буор сирэй - кыбыстары билбэт, сааппат сирэй. Θ Бессовестная, бесстыжая рожа (букв. земляная рожа). [Үрүҥ Уолан] Көр-даа-бу!!! Көр-даа-бу!!! Көстүбэт көлдьүнэ, Буор сирэй, Бурҕалдьы сото Тумсуҥ тууһун Туох истиэ баарай?
    П. Ойуунускай
  • Буор сирэй, баҕар, эн манна букатын да хаал! Дуорас кыһаллыам суоҕа.
    С. Новиков
  • Буор тохтор - олус эһин, быһын, туга да суох хаал (дьадайан); тугу да кыайбат буол (олус кырдьан). Θ Обеднеть, остаться ни с чем; стать немощным (от старости). Арыгыһыт киһиттэн буор тохтор (өс хоһ.). Умнаһыттан буор тохтор. (өс хоһ.). Мин бу буор тохтор буола кырдьыахпар диэри соргу көрдөһөммүн сир-сир эгэлгэтин кэрийдим, дойду-дойду арааһыгар сырыттым. Софр. Данилов. Буору бааһырдар (буор бааһырдар) -ынах, сылгы сүөһү (улаханыттан-кыратыттан, тыһытыттан-атыырыттан, эмиһиттэн-көтөҕүттэн тутулуга суох бас билэр сүөһү уопсай ахсаанын саба быраҕан этэргэ) Θ Конный и рогатый скот (букв. на земле след оставляющие - старинные выражения якута-скотовода, когда он определял количество своего скота “по головам”, независимо от возраста, упитанности и т. д. Буор бааһырдарын сүүрбэ - соотв. у меня двадцать голов скота.) Буору бааһырдара элбээбит киһи (өс хоһ.). Уонча буору бааһырдар сүөһүлэнэн, үһүн туолан эрэр биир уол оҕолонон, син атын дьоҥҥо муҥа суох санатан, туспа буруо таһааран, алта-сэттэ сыл ыал буолан олорбуттара.
    А. Сыромятникова
  • [Оҕонньор ыспыраанньыкка:] Сылгылыын-ынахтыын буор бааһырдарым биэс сүүсчэкэ.
    Болот Боотур
  • Буору бааһырт (бааһырда сырыт) - букатын бүтэн баран, тыыннаах эрэ сырыт. Θ Стать немощным, доживать последние дни. Абалаах-саталаах өстөөхтөрүн килбэйэн тахсыар диэри таһыйтараллара. Ол сордоох эмиэ киһи буолан буору-сири бааһырдан сылдьан, онон бүтэрэ.
    А. Сыромятникова
  • Үтүө доҕотторуом! Өбүгэ дьонноруом! Буору бааһырдарым, Тыккырыыр Тыыннааҕым тухары, Үчүгэйдик, Үөрүүлээхтик, Үлүскэнник Олоҕу олорорго Өлүмнэһэбин, Өрүсүһэбин.
    С. Данилов
  • “Дьоҕойон буору эрэ бааһырдан сылдьарыҥ айыыта буоллаҕа дии”, - дэһэллэр.
    Ч. Айтматов
  • Буор уйбат буруйа - улахан, ыар буруй, айыы. Θ Очень большой, тяжкий грех, тяжкая вина. Тэҥн. атыыр тарпат айыыта, оҕус тарпат буруйа. Буор уйбат буруйдаах, сир уйбат сэмэлээх (өс хоһ.). Мөккүһэ түһээт, этиһэллэр, этиһэ түһээт, өстөһөллөр, өстөһө түһээт, буор уйбатынан буруйдаһаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Оттон оҕолорбутун умсарбыт, Сир-буор уйбат сидьиҥ буруйун оҥорбут Сиэхситтэр систэрин үөһүгэр Өс-саас өҕүллүбэт өргөс үҥүүтүн өтөрү саайыахпыт. Эллэй. Буору (сири-буору) кымаахтаа (кымыстаа) - улаханнык кыбыһын, кыбыстыылаах балаһыанньаҕа түбэс, олус кыбыстынньаҥ буол. Θ Сильно смущаться, стесняться, попадать в неудобное положение. Оттон бу Илья киһини кыайан өрүһүйбэт, оҕочооно бэрт, бэйэтэ сири-буору кымаахтыы сылдьар.
    В. Яковлев
  • Күөх зонаны харабыллыыр эбээһинэстээх Кеша сири-буору кымыстыырыгар тиийдэ.
    Е. Макаров
  • Буору кытта буор буолбут - олус өрдөөҕүтэ өлөн умнуллубут, көмүллүбүт да сирэ биллибэт буолбут; олус өр туран, эргэрэн, эмэҕирэн, сууллан, биллибэт-көстүбэт буолбут (туох эмэ тутуу, өтөх туһунан). Θ Забытый из-за давности смерти, даже могилу нельзя найти; сравняться с землей. обветшать, обрушиться, исчезать (напр., о старых строениях). Онуоха диэри [оҕолор улаатыахтарыгар диэри] миигинник баҕас буору кытта буор буолаа инибин.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҥхой курдук алаастар үрдүлэригэр эргэ, сиҥнэн эрэр эбэтэр сиҥнэн бүппүт былыргы өтөхтөр, баҕар, сарсын, баҕар, өйүүн буору кытары буор буолан, сири кытары сир буолан олоччу симэлийиэхтэрэ.
    В. Гаврильева
  • Буору уоп - өл (кыраан, сэтэрээн этии). Θ Умирать (букв. набрать землю полон рот проклятие, злорадство). “Эн мин биэбин хоолдьуга, көҥсүү гын, куртаҕыҥ түгэҕэр тимир үөрбэ буолан түспүтүн, быйылгы үрүҥ хаары туораабакка буору уобан хаал!” - диэн эмээхсин кыыһыран олус кыраабыт. МНН. Бу сордоох сиһин үөһүн быһа кымньыылатан умса түстэ, буору уопта. Өллө-үө?!!
    Болот Боотур
  • Сүүһүнэн ньиэмэс саллааттара уонна эписиэрдэрэ, власовецтар, кинилэр хос моонньохторо буору уоппуттара. ССХУо. Буору уоптар - тыынын быс, өлөр. Θ Убивать, лишить жизни (букв. заставить схватить землю ртом). “Бассабыыктары ытыалаа! Харса суох ытыалаа! Баартыйата суох киһибин диигин, кинилэри харыстаама. Ыппатаххына бэйэҕэр буору уоптарыам!” - диэбитэ кини кытаанахтык.
    Д. Таас
  • Хаарыан бэрэмэдэйим! Илдьэ бардаҕа! Кыһыллар буору уоптардахтарына, хоолдьуга гынар ини!
    ХС
  • [Мыреев] бааһыран госпиталга киирбитэ. Үтүөрэн баран уонунан гитлеровецтары эмиэ буору уоптарбыта. “Кыым”. Буору (сири) харбат - туста сылдьан албаска киллэрэн охтор. Θ Сбить с ног (напр., в борьбе хапсагай или вольной). Хайдахтаах да күүстээх киһини көрүөх бэтэрээ өттүгэр буору харбатар дьикти тустуу албастарын ымпыктаан-чымпыктаан билэр саҥа учуутал сиэксийэтигэр Одьулуун ыччата барыта суруйтарбыта. Е. Неймохов

13 этии #

Буор хара киһи - олус хара киһи Ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүн курдук буор хара киһи. Саха фольк. Тюрк. бор, пор

Нууччалыы Очень смуглый, чернолицый человек

14 этии #

Буор аһыҥа - иккис кынатыгар кыһыллаах, бороҥ өҥнөөх бөдөҥ аһыҥа

Нууччалыы Саранча. Кураан буолан буор аһыҥа, кыната кууран, ыраах баҕайы көтөн сырдыргыыр. Амма Аччыгыйа. Буор быһыт - буору астаран эбэтэр кутан оҥоһуллубут быһыт. Земляная дамба. Кэлэр саас буор быһыт быһыахха. М. Доҕордуурап. Аны өлгөм уулаах Ботомоойу үрэҕин 10 миэтэрэ үрдүктээх буор быһытынан бобон, бу үрэх уутун хоту диэки халытыахха наада. И. Егоров. Буордаах уу - өрүс көмүөлү көтөҕөр бастакы халаана ааспытын кэннэ, сир ирбититтэн, хайалар хаардара ууллубутуттан кэлэр иккис халаан. Летнее (второе) половодье. Өрүскэ улахан уу кэлэн турар, буордаах уу. А. Сыромятникова. [Күөх хонуу] бүгүн буордаах уу кэлэн, эмиэ тобус-толору уунан мэндээрийэн хаалла. Н. Лугинов. Гидрометслужба биэрэр көрдөрүүлэрэ быйыл иккис, буордаах уу таһыма Өлүөхүмэ оройуонугар бастакы уутааҕар миэтэрэ аҥара уонна биир миэтэр үрдүк буолуо дииллэр. “Кыым”. Буор кут итэҕ. - саха өйдөбүлүнэн киһи кутун үс сүрүн чааһыттан биирдэстэрэ. Одна из трех основных частей души человека (по поверью древних якутов душа человека состоит из трех основных частей: буор кут, ийэ кут и салгын кут). [Андаҕарбын булгуттахпына] Буор куппун буор ийэ туппатын, Салгын кутум салгын үөрэ буоллун, Ийэ куппун, иэйэхсит аайы илдьимиэхтин. Өксөкүлээх Өлөксөй. Суоһалдьыйа Толбонноох буор кутун буор туппатын, ийэ кутун иэйэхситэ ылбатын, салгын кута, кырыыска туран, кырамаҥҥа көппөтүн. П. Ойуунускай. Оҕобун эйигин, ыччаппын, ытыктыыр киһибин, Дьэримиэйи кытта (Дьэргэ диэки ыйан кэбистэ) буор куккутун бохсоруйан, ийэ куккутун эҕэрийэн бииргэ холбоору - кэлэн олоробун. Болот Боотур. Буор сата - этиҥ тааһа, этиҥ сүгэтэ. Громовой камень, фульгурит, чертов палец, чертов зуб (песок, расплавленный от удара молнии). Оҕолор буор сатанан оонньообуттар. Буор суол - солооһуннаах, буору кутан томтотуулаах, ханаабалаах суол. Грунтовая дорога. Дэриэбинэттэн тахсан, улахан буор суолга киирдибит. И. Никифоров. Буор суол, асфальт суол, бетон суол, тимир суол, халлаан суола, уу суола... Сыыйыллар, сундулуйар, эргичийэр, дьон олоҕун бэйэтигэр сөрүүр. В. Гаврильева. Буор түҥэтик - нэһилиэк сирин бүтүннүүтүн хос түҥэтии. Коренной передел сенокосных угодий плательщикам ясака дореволюционного якутского наслега. Кэнники ойох ыллаххына дьиэ-уот туттарга уһаайба онно эмиэ наада буолуохтаах. Онон буор түҥэтиккэ хайаан даҕаны уһаайба онно ылларгын сөп буолуох этэ. П. Ойуунускай. Аны сайын буор түҥэтик буолар үһү. Н. Павлов. Лоп курдук биэс уон сыл буор түҥэтик олоҕурбута, күөх биэдэмэс туругурбута, саарба саһыл күрүөлэрэ үөскээбиттэрэ. Суорун Омоллоон

«Б» буукуба