ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сир-буор

Нууччалыы сильно опозорить, осрамить

этии

Нууччалыы Сильно опозорить, осрамить

  • сир II диэн курдук. Урууп дьиэтэ -- таас аттаҕаһыннардаах түннүктэрдээх, сиргэ-буорга киирбиккэ дылы эргэ ампаар дьиэ элээмэтэ.
    Күндэ
  • Тураахтар -- сиртэн-буортан тугу эрэ ытыра-ытыра, төттөрү-таары көтөн хааҕырҕаһан эрэллэр. Бэс Дьарааһын. Сорохтор торбостуу сосуһан, Сири-буору сухалыыллар. С. Васильев

Этиилэр

Сир-буор (сири-буору) аннынан

сир аннынан диэн курдук (көр сир II). [Түптүр Хара:] Истэҕин дуо, эн оҕоҥ чааһынан бэрт куһаҕан кэпсээн сир-буор аннынан сыыллан эрэр ээ... Суорун Омоллоон. Кулуба уола тоҕо бу тулаайах эмээхсиҥҥэ иитиллэрин туһунан сири-буору аннынан дьикти сэһэн баар. И. Гоголев. Зиночка Лизочкаҕа -- Сири-буору аннынан Сибис гынар. П. Тобуруокап. Сир-буор сирэйдээ кэпс. - улаханнык кыбыһыннар, саатырт Барбат буоллаххына, туттаран, кэлгиттэрэн да илдьэн сибииккэҕэ быраҕан, сир-буор сирэйдиэм диир. ОИП Х. Саллааттары мэнээк сир-буор сирэйдиигин, түүрдэрэҕин, түүрэйдиигин. И. Никифоров. Дьиэлэригэр кэлээт киһитин дэлби мөҥөн сир-буор сирэйдээбитэ. "ХС". Сиргэ-буорга тэбис - 1) киртит, хараарт.

Опозорить, запятнать чем-н.

  • Таптал тыйыс андаҕарын Сиргэ-буорга тэпсимэҥ.
    С. Данилов
  • Ыларов бу суругун оройуон салайар үлэһиттэрин, биһиги балыыһабыт кэлэктиибин холуннарар, кинилэр үтүө ааттарын сиргэ-буорга тэпсэр сыалынан бооччойбут.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (3)
  • Кини, ыраас кыыс чиэһин, уодаһыннаах санаалаахтар харысхала суох сиргэ-буорга тэпсибиттэрэ. "ХС"; 2) аҥаардастыы, самнарыылаахтык баттаа-үктээ, атаҕастаа. Всячески унижать, втаптывать кого-л. в грязь. Дьорҕоотоп кэнники да санаатын ыһыктыбатах. Төһө да сиргэ-буорга тэпсилиннэр.
    Далан
  • Сэриимсийбит самурайы Сиргэ-буорга тэпсиэхпит.
    А. Абаҕыыныскай
  • Ити аата киһиэхэ холообокко, мэлдьи сиргэ-буорга тэпсэ сылдьар чиччик эбит.
    ХС

Сиргэ-буорга хаал көр сир II

"Ити көрдөһүү бэрт сиргэ-буорга хаалыа суоҕа", - Турахин, тыла булдьуйдар даҕаны, аргыһыгар элбэҕи кэпсээн барда. Эрилик Эристиин. Кини бэйэтэ: "Арыгылыырбын кэргэним, оҕолорум тустарыгар быраҕыам", - диирин итэҕэйбэккэ сиргэ-буорга хаалларар табыллыа дуо? М. Попов. Сири-буору кымыстаа (кымаахтаа) - саатан, кыбыстан кэлиэх-барыах сиргин булума, кулук-халык тутун.

Чувствовать себя неловко, неуверенно (от застенчивости, со стыда).

  • "Сэгэрим!" - диэтэхпинэ кыбыстан Сири-буору кымыстыырыҥ...
    С. Данилов
  • Тураахап кэргэнигэр туох диэн хардарыан булбат, -- саатыттан сири-буору кымыстыыр.
    В. Ойуурускай
Өссө холобурдар (6)
  • Били мааҕыын кырбаары өрөһөлөммүт уолаттар сирэй-сирэйдэрин көрсөн, сири-буору кымыстаабыттар.
    И. Бочкарёв
  • Сири-буору харбат кэпс. - кыай-хот, баһый. Победить, взять верх (букв. заставить хватать землю). Өй-санаа өттүнэн кими баҕарар эргитиэн, сири-буору харбатыан сөп. Оннук оҕуруктаах өйдөөх.
    Н. Лугинов
  • [Манчаары] былырыын Нөмүгү ыһыаҕар Хачыкаат Уйбааҥҥа сири харбаппыт диэх курдук этэн эрэллэрэ.
    В. Протодьяконов
  • Сиртэн-буортан тэйбит курдук - үчүгэй дьүһүннээх, нарын-намчы, ыраастык, чэбэрдик тутта сылдьар (үксүн кыыс оҕо туһунан). Красивый, опрятно, чисто одетый с хорошими манерами, с красивой походкой (обычно о девушке). Ол ыал Маайыс диэн үчүгэй дьүһүннээх, сиртэн-буортан тэйбит курдук ыраас, чэбэр, эргэ барар сааһын сиппит кыыстаахтара.
    Болот Боотур
  • Сиртэн-буортан тэйбит курдук ып-ыраас, кырасыабай диэн бэйэлээх эдэркээн уол тиэрэ быластаан сытара.
    В. Яковлев
  • Ира уон үс-түөрт саастаах, синньигэс, көнө уҥуохтаах, сиртэн-буортан тэйбит курдук тутта-хапта сылдьар кыысчаан. Н. Заболоцкай

«С» буукуба