ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

буорай

туохтуур

Нууччалыы одряхлеть, стареть

1 туохтуур #

Аһара кырдьан кыаҕа, күүһэ суох буол, мөлтөө

Нууччалыы Одряхлеть, стареть

  • Харах-көс чахчы буорайбыт эбит. Мин кырыйдым, буорайдым.
  • [Ньукулай:] Ок-сиэ! Дьэ киһи бөҕө кырдьан буорайан, сор муоһун сорсуйан сытаахтаатаҕыҥ ээ.
    А. Софронов
  • Кырдьан, сааһыран буорайдым. Кылыыбын, сүүрүүбүн бырахтым. Тобугум, иэччэҕим маадьаҥнаан, Торуоска тутарым хааллаҕа.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕонньор билигин кырдьан-буорайан, бөһүөлэк иһиттэн сир өппөт
    И. Федосеев

2 туохтуур #

Туох эмэ тас дьайыы содулуттан мөлтөөн-ахсаан ис

Нууччалыы Слабеть, хиреть, выбиваться из сил

  • Муус тоҥокко сылгы буорайар. Утуктаан буорайбыт.
  • [Боккуо:] Дьиэ үлэтин үрдүгэр түүннэри-күнүстэри оҕонньору ыарыылыыр буолан, ордук буорайаары гынным.
    А. Софронов
  • [Сэкэтэй Сэмэн:] Эдэр уолаттар буорайбыттар... Хаһан бу тыаны кэппиттэрэ, ууну-хаары кэспиттэрэ баарай.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Оттон эн суох буолаҥҥын, мин буорайаары гынным, Марта Андреевна, күндү саха кыыһа!
    Амма Аччыгыйа

«Б» буукуба