ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тобук

аат тыл

Нууччалыы колено

English knee

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы колено

English knee

  • тобуккун өлөр
    ушибить коленоto bruise one's knee
  • тобуккуттан тардыстан олор
    сидеть, обняв коленоto sit with one's hands around one's knee

2 аат тыл #

Киһи атаҕын, сүөһү, кыыл илин атаҕын өҕүллэр сүһүөҕүн сирэй өттө

Нууччалыы Сустав, соединяющий бедро и голень; место сгиба на ноге, где выступает этот сустав, колено

3 этии #

Сүүһүн көлөһүнүн уллуҥаҕар (тобугар), уллуҥаҕын (тобугун) көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан көр аҕаа. [Баһылай:] Баайым-үбүм, сүүһүм көлөһүнүн тобукпар аҕаан, тобугум көлөһүнүн сүүспэр аҕаан муҥнана-муҥнана муспутум кэннибэр хаалара кэллэ. А. Софронов.

Нууччалыы соотв. тяжёл на подъём

Этиилэр

Топпутун уйбат көр тот

  • Бэйэтэ буруйдаах. Дьон төһө эмэ өйүү-тайыы сатаабыттара. Топпутун тобуга уйбат.
    М. Тимофеев
  • Тобугар хат буолбут кэпс., күл. -ооннь. – ыараханнык турар-олорор, барыан-кэлиэн сүрэҕэлдьиир, сылааргыыр, наар олорон тахсар Чэ, доҕор, тобуккар хат буолбуккун дуу, бара охсуохха. НАГ ЯРФС II.

Тобуккунан доҕуй көр доҕуй

  • Тоҕус уон үрэҕи Муустаах далайтан Соҕуруу Дьугдьуурга диэритин Тобукпунан доҕуйбут Муҥутуур Мутуктуур Тарбааскын Мин ахан буоллаҕым ини?!
    Амма Аччыгыйа

Халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан көр муора

  • Баай, мэник иккигэ халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан. Саха фольк

4 этии #

Нууччалыы Якутская игра: игрок с повязанными глазами идёт вдоль сидящих в ряд людей, садясь к каждому поочередно на колени, с помощью наводящих вопросов он должен угадать каждого из сидящих

Этиилэр

Тобук таайсыыта

саха оонньуута: хараҕа баайыылаах оонньооччу кэккэлэһэ олорор алта-сэттэ киһи тобугар биир-биир олорон, кинилэр кимнээхтэрин ыйытан таайыахтаах.

  • Барыларын таайдаҕына, кыайыылааҕынан тахсар, сыыстаҕына, буруйданар Если он угадывает всех, становится победителем, а если нет – его штрафуют. [Тобук таайсыыга] таайааччы сэттэ киһини барытын таайдаҕына, кыайыылааҕынан тахсар. ФАС ӨОо.

Тобук талкы

мас туруору сааһынан суолахтаан тиистээн оҥоһуллубут талкы.

Мялка с жёлобом и зубьями, сделанная вертикально слою древесины.

  • Тобук талкыны суон тииттэн лэкээни быһан оҥоһуллар. АНП ССХТ. Тобук таҥаһа эргэр. – сарыынан эбэтэр торбос тириитинэн тигиллибит, уллуҥ сутуруоҕа маарынныыр тобукка кэтиллэр кылгас таҥас. Тёплая повязка на колено, сшитая из замши или выделанной шкуры телёнка, наколенник. Быаны дьахтар ньилбэгэр хатара олус ыарыылаах буолан, тобук таҥаһын тиктэллэр. АЕЕ ӨҮОБ. [Сааһыттар] ол күн этэрбэстэрин абырахтаннылар, тобук таҥаһа тигиннилэр, батарантаастарын бэлэмнэннилэр.
    В. Арсеньев
  • Тобук хамса түөлбэ. – оборон тардыллар курдары үүттээх мас, оборчо. Курительная трубка из просверлённой насквозь деревяшки. Оҕонньор тобук хамса тардар.

Тобук тардыһын көр тардыһын

  • Дьоннор хонууга лөкөрүстүлэр, Чоноһон тобуктарыттан тардыстылар.
    С. Васильев
  • Дьуона оҕонньор тыытын ортотугар тобугуттан тардыстан олорон аа-дьуо кэпсиир.
    С. Никифоров

Тобук тардыһыыта

саха оонньуута: икки күрэхтэһэр киһи илиилэрин кэннилэригэр сис туттан, тобуктарын ыга кыпчыйсан баран утарыта олороллор. Биирдэрэ иккиһин тобуктарын күүһүнэн икки аҥыы араара сатыахтаах, араардаҕына кыайыылаах тахсар.

Якутская национальная игра: два игрока сидят на стульях друг против друга, замкнув руки сзади. Один из них сжимает колени у другого. Если второй игрок разъединит свои колени, то становится победителем.

  • Тобук тардыһыыта оонньууну тэҥ уҥуохтаах оҕолор оонньууллара ордук сатамньылаах. ФАС СТОо.

Тобук хараҕа

тобук хаппаҕын (харчы уҥуоҕун) анна.

Подколенная впадина.

  • [Абааһы киһи] тоҕус уон бууттаах тимир тирэх этэрбэһи тобугун хараҕар диэри туруору тардынан кээспит. ПЭК СЯЯ. Тойон киһини Тобугун хараҕынан Тоҥуу хаар түһэн кэбистэ.
    Саха фольк
  • [Кулун Куллустуур] Тоҥ буору Тобугун хараҕар диэри Тобулу тирэннэ. ТТИГ КХК
    К. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • др. -тюрк. тобых ʻлодыжкаʼ, кум. тобукъ, кирг. томух ʻнадколенная чашечкаʼ, карач. -балк. тобукъ ʻколеноʼ

«Т» буукуба