ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тардыһын

Нууччалыы будучи привязанным к кому-чему-л., воздержаться от чего-л.

Ис хоһооно · 4

1 #

Кимтэн-туохтан эмэ тутулуктанан хаал (тугу эмэ гынаары, оҥороору гынан баран)

Нууччалыы Будучи привязанным к кому-чему-л., воздержаться от чего-л. (намереваясь сделать что-л., поступить как-нибудь)

  • тардыс диэнтэн бэй. туһ. Оҕонньор, долгуйбутун көрдөрүмээри, тайаҕыттан тардыстан туран, таһырдьаны былдьаста.
    Амма Аччыгыйа
  • [Артымыай:] Эбии күүс-уох тардыстабыт. Улуус аайы тымырбыт-сыдьааммыт баллайар баһаам.
    Л. Габышев
  • Поэт биһигини үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыстарга үөрэппитэ. "ХС"
Өссө холобурдар (3)
  • Москваҕа үөрэнэр Чиэс дьоллооххо эрэ тиксэр. Уолчаан тута сөбүлэһиэҕин Ийэтиттэн тардыстар.
    И. Гоголев
  • Ол сылдьан, күрээн көрүөн дуумайдыыра да: "Мин бардахпына тойоммун тутуохтара", - дии санаан тардыстара.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Өлөксөй бу сайын хаста да куоракка киирэ сылдьыан санаамахтаан баран, оттууруттан тардыстан барбатаҕа
    Кустук

2 #

Биир сиртэн атын сиргэ тардан билин, оннук ыарый

Нууччалыы Тянуть, стягивать в одном месте, отдаваться в другом месте (напр., боль). [Эһэ] атаҕын сиикэй бааһа дьаралыйан, туох баар этиттэн-хааныттан барытыттан тардыстан ыалдьара

  • [Ньургууна] көхсүгэр туох эрэ тардыстар баар. Ол Туораҥа быһаҕын суола.
    А. Сыромятникова
  • Тыыннахпына, хаамтахпына Тугум эрэ тардыстар.
    Д. Апросимов
  • Үөс тааһырыытыгар -- түөс тылын туһунан тардыстан ыарытыннарар.
    ЯАС БХ

3 этии #

Этиилэр

Атах тардыһын көр атах

  • Тыраахтарынан атах тардыстан, сорунан туран көрдүүллэригэр тиийбиттэрэ.
    В. Яковлев
  • Икки табабытын бу Хабырыллаҕа биэрэбит: айанныырыгар атах тардыстыа.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Сылтан сыл аайы сырыыны-айаны кыайбат буолан иһэбин. Хата, бөртөлүөтү миинэр миҥэ оҥостон атах тардыстабын. "Кыым".

Тардыстар талаһа

миинэр миҥэ диэн курдук (көр миинэр).

  • Миинэр миҥэтин, Тардыстар талаһатын -- ыҥыран, Хаһыытаан хабырытта, Ыһыытаан дуораһытта.
    С. Васильев
  • Тыый, инньэ диэн (оҕуһу) ууга ыытыа эбитим үһү дуо? Муҥ эрэ оттон миинэр миҥэҥ, тардыстар талаһаҥ этэ буоллаҕа дии. Н. Заболоцкай

4 этии #

Нууччалыы Сидеть, приподняв одну ногу и обхватив сцепленными руками колено

Этиилэр

Кэтэх (кэтэхтэн, кэтэҕиттэн) тардыстан көр кэтэх

  • Никита оронугар кэтэх тардыстан сытан хоһун үрдүн одуулуур.
    Н. Лугинов
  • Хабытчаарап оронугар тиэрэ түһэн, кэтэх тардыстан сытта, арыгыта олох төбөтүгэр тахсыбата.
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Тобук (тобуккуттан) тардыһын - икки илииҥ тарбахтарын хатыйан баран аҥаар атаххын тобуккуттан куустаран өрө көтөҕөн олор Киил оҕонньор тобук тардыстан, сымыһаҕын быһа ытыран, -- түннүк диэки тугу эрэ одуулаһар.
    Н. Лугинов
  • Оҕонньор атаҕын оллооннуу ууран, тобугуттан тардыстан олорон -- ыллаан барда.
    Эрилик Эристиин
  • Туола -- айан суолун одуулаһан, олоппоско тобук тардыстан чөкөллөн олордо. П. Аввакумов

«Т» буукуба