Перевод с якутского
ботуччу
сыһыат, даҕааһын
Нууччалыы обхватив руками, забрав в полные ладони или до полноты, плотно
1 сыһыат #
Илиилэргинэн лаппа ылан, элбэҕи сабардаан эбэтэр туох эмэ туолар гына; лаппа, толору
Нууччалыы Обхватив руками, забрав в полные ладони или до полноты, плотно (укладывать, набивать что-л. чем-л.)
Ботуччу тут. Ботуччу сим. Кини онно миэхэ уонча хоһоон корректуратын туспа ботуччу тутан көрдөрбүтэ итиэннэ: “Бу Саха сирин туһунан хоһооннор ээ”, - диэбитэ И. Федосеев
2 сыһыат #
Өлгөмнүк, элбэхтик
Нууччалыы Много, обильно, щедро, изрядно
Холкуостаахтар көлөһүннэрин күнүгэр эти, арыыны, бурдугу, харчыны ботуччу үллэстэллэрэ. В. Протодьяконов Маҕаһыын бурдугу ботуччу биэрэрин курдук кэпсэтиэхпит. С. Федотов Саха өһөс, эһиил булгуччу хайаан да бултуом ботуччу Ф. Софронов
Өссө холобурдар (7)
Ботуччу хамнас. Ботуччу былаан. Сорохтор отуччаларыгар диэри туох идэлэниэхтэрин билбэккэ тала сатыы сылдьар буолааччылар. Итиниэхэ, үксүгэр, эһэлэрэ-эбэлэрэ, аҕалара-ийэлэрэ ботуччу биэнсийэлээх, хамнастаах буоланнар, ыччаттарын иринньэхтэтэ, үлэҕэ хойут кытыннара сатыыллара эмиэ сабыдыаллаах. И. Аргунов Одьулууннар эбэһээтэлистибэлэрэ да ботуччу... төрөөбүт сопхуостарыгар сүүс биэс уон туонна дьоһун хаачыстыбалаах оту туттарыы. ББ Куорат ботуччу соҕус тэрилтэтин үлэһитэ Тихон Тыллыырап_ _ күнүс сурах-садьык истэ тэрилтэлэри кэрийэ сырытта. Софр Данилов Элбэх. Θ Довольно большой по количеству, изрядный. Билиҥҥи кэмҥэ үлэлээн ылар ботуччу харчытын ким да соччо биэс бэтэриккэ эбэтэр туустаах уон харахха сүүйтэриэн баҕарбат. Н. Габышев Билбиппит ардыгар син ботуччу көлөһүн күнүнэн аахсан ылбыт бастакы дохуоппут үтүөкэнин. ХС Биир ытыыга ботуччу булт, сүүрбэ түөрт анды! “ХС” Тэҥн. бойом
3 даҕааһын #
суолт. Балачча улахан
Нууччалыы Довольно большой, изрядный