Перевод с якутского
тэбэгэй
аат тыл
Нууччалыы длинная шерстяная опушка на ногах птиц и зверей
1 аат тыл #
, эргэр
Маайа дьиэтигэр иистэнэ олорор, кини кырса сыыһын, уруккуттан мунньа сылдьыбыт быыкайкаан тэбэгэйдэрин сапка тиһэн, син балачча улахан гына аттарда. А. Сыромятникова Саа тыаһыныын тэҥҥэ, иккис үөҥэс, хойобулланан, сарылыы түстэ, сууллан иһэн аҥаар тэбэгэйинэн мутукка хатанан биэтэҥнээтэ. Н. Борисов Самыыта, уорҕата хараҥа араҕас аалыктаах, быттыга, хонноҕо, тэбэгэйин түүтэ, өрөҕөтө сырдаан, сиэлэ, кутуруга өлбөөрүйэн көстөр буоллаҕына, хоҥор сылгы дэнэр АНП СЭЭ
2 аат тыл #
Сылгы эбэтэр кыыл атаҕын уһун түүтэ, сэбэрэтэ
Нууччалыы Длинная шерстяная опушка на ногах птиц и зверей
3 аат тыл #
Киһи ытыһын бэгэччэгэр чугас саамай эттээх, сымнаҕас миэстэтэ
Нууччалыы Мягкие, бугорки на ладони, граничащие на запастьем
Биһиги киһибит хараҕа дьиримнээбит, икки ытыһын тэбэгэйинэн анараа киһи илиилэрин төлүтэ аспыт. Саха сэһ. 1977. "Туох баарый?" – диэн ыйытан баран, айаҕын акаары киһи курдук аллаччы атан, икки илиитин тэбэгэйинэн остуол кырыытыттан тайанан тоҕонохторун өрө даллатан таһааран, үүт-үкчү кынатын саҥардыы аспыт көтөргө маарыннаан ылла. Н. Босиков Оҕочоос көрүҥнээх Сорук Боллур уолчаан Саамы кымыстаах чороону Икки илиитин тэбэгэйинэн "Тап" гыннаран ылан Айаҕар иҥнэри тутан кэбиһээт, Киһитэ эргиллэн истэҕинэ Иҥнэрбит иһитин Илиитигэр туттаран кэбистэ. П. Ядрихинскай Тэнҥ. табаҕай