ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэрии

аат тыл

Нууччалыы край, конец, окраина чего-л.; опушка (леса). [Оҕолор] кэриигэ тиийэллэрин кытта чыычаахтар чырыптаһа көрсүбүттэрэ

1 аат тыл #

Туох эмэ саҕата, кытыыта (хол., тыа, хонуу уо. д. а.)

Нууччалыы Край, конец, окраина чего-л.; опушка (леса). [Оҕолор] кэриигэ тиийэллэрин кытта чыычаахтар чырыптаһа көрсүбүттэрэ

  • Сыһыы соҕуруу кэриитэ, иҥнэри баттаммыт курдук, аллараа сытар.
    У. Нуолур
  • Өтөх кэриитигэр сырдык бэс чагданы кытта ыаллаһан, били пиэрмэбит хотоно -- субуруйан олорор.
    Э. Соколов
  • Ньурба киэҥ хонуутун арҕаа кэриитинэн үс сүүсчэкэ саалаах киһи киирэн иһэр эбит
    Д. Токоосоп

2 этии #

Нууччалыы Лесная гряда, далеко протянувшаяся вдоль реки, поляны

  • Кэрии (кэрискэ, кэриэн) тыа - хонуу, өрүс кытылын устун быстыбакка, уһуннук кыйа бара турар тыа Кэрии тыалар төбөлөрө солотуу дуйунан сотуллаллар.
    М. Ефимов
  • Килбиэн көмүс күммүт кэрии тыаҕа түстэ.
    М. Тимофеев
  • Кини [Өлүөнэ] илиҥҥи кэрии тыалара ырыых-ыраах күөх күдэрик буолан көстөллөр. П. Филиппов

«К» буукуба