Перевод с якутского
хадьааһын
аат тыл
Нууччалыы оторочка, опушка, кайма
1 аат тыл #
Бүүрүк, хаймыы (хол., түүлээҕинэн)
Нууччалыы Оторочка, опушка, кайма (напр., меховая)
Харалаах аас тэллэх Хадьааһынын аҥаарын Хайа баттаан ылбыт курдук Халымтаҕай сардаана кустук охтоох эбит. Күннүк Уурастыырап Булка кэтэр чараас, эҥээрдэрэ үрүҥ хадьааһыннаах хара быыһык саҕынньаҕын тэллэҕэ сапсынардыы тэлимнээтэ. Болот Боотур Таарбаҕан хадьааһыннаах тугут бэргэһэ СГФ СКТ
2 аат тыл #
Ханнык эмэ сир (хол., ходуһа, алаас, ойуур) тулата, кытыыта
Нууччалыы Край, окраина какой-л. местности. [Өймөкөөн] Сиэрэй солко сэбирдэхтээх, Хатыҥ мас хадьааһыннаах, Буурай солко мутукчалаах, Тиит мас дьиппиэһиннээх
Саха нар. ыр. I. Күн -- үрүйэ төбөтүнээҕи хахыйах хадьааһыннаах ыркый ойуурдары, баараҕай тииттэри, өрүкүспүт үөт талахтары – барытын курдаттыы сырдык сардаҥатын кини диэки ураатыы уунан кэбиспит. Амма Аччыгыйа Хатыҥ чараҥ хадьааһыннаах, Баараҕай тайҕа дьайыҥнаах – Номох буолбут үтүө үрэх, Талыы Таатта барахсан! "Чолбон". Ср. алт. каадьы ‘кайма, оторочка на полах одежды’